Page 454 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 454

Аҕыс тылынан  чупчуйбут
                 Атыыһыт  Сүөдэр  «сэмсэтин»
                 «Үүнүү»  колхозка  биэрэргэ
                 Үгүс хаһыы  ньиргийдэ.

                 Ол  иурдук  барытын  аахтылар,
                 «Ураа!»,  «уруй!»  хаһыытаатылар,
                 Ыга  киирэн  пула  мустан
                 Ытыстарын  таһыннылар.

                 Өлөксөй көрөн-истэн  арылыйда,
                 Үөрэн-көтөн  чаҕылыйда.
                 Үһүө-төрдүө  буоланнар,
                 Үрдүк  сиргэ  ыттаннар:
                 «Үрэхтэрбит  үрдүнэн
                 Үүт  күрүө дьэ|ргэһийдин!
                 Алардарбыт  иһинэн
                 Айан  суола  нэлэһийдин!

                 Ычык  ойуур  быыһынан
                 Ырыа-тойук  дьиэрэһийдин!
                 Уйаар-кэйээр  толоонунан
                 Оонньуу-күлүү  дуораһыйдын!
                  Үйэлэргэ  өлбөөдүйбэт
                  Үрдүк  үөрүү  чаҕылыйдын!
                  Саас  тухары  саппаҕырбат
                  Саргы-өрөгөй  сандаарыйдын!..»
                  Диэн  хоһоон  аахтылар,
                  Дьоннор  ытыс  таһыниылар.

                  Уонча  сиргэ  төбүрүөннээн
                  Оһуохайдыы  турдулар,
                  Элбэх  буолан  кэккэлээн
                  Эһиэкэйдээн  бардылар.
                  Улаатыяар  баттаҕа  ыһылынна,
                  Оһуохайга  тыл  этан  хаккылынна
                  «Чэйиҥ,  чэйиҥ  чэкийдэр,
                  Чиргэл  буортан  тирэнэн
                  Тэйэн-тэбэн  иһиэҕиҥ!
                  Тоҕус  үйэ  тухары
                  Турудобуой  норуотту
                                     448
   449   450   451   452   453   454   455   456   457   458   459