Page 455 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 455

Тобулу  уулаан  олорбут     х
                   Тойон  кулуба  обургу
                    «Толоон  эбэ»  алааһын
                   Туура  тутан  ылбычча
                   Тоҥолохтон  тупуһан
                   Туойан-доҕуйан  биэриэҕиҥ!.. »
                   Эһиэкэй  кэрэ  чуор  хоһооно,
                   Эгэлгэлээн  эҥсэр  дорҕооно
                   Илгэ  салгын  эйгэтинэн
                   Илин-арҕаа  уораһыйда,
                   Хайа,  тайҕа  кэтэҕинэн
                   Халлаан  түгэҕэр  дуораһыйда...



                   Эриэн-элэмэс  сэһэни
                   Эгэлгэлээн  бүтэрдим,
                   Ааҕыах  даҕаиы  киһини
                   Алыс  уһатан  кэлэттим.
                   Бука  ону  баалаамаҥ,
                   Буруй  оҥоро  сатаамаҥ!

                   Эриэн  таҥас  былаатынан
                   Эдьиийдэргит  киэргэнэллэр,
                   Ала  хара  оҕуһунан
                   Аҕаларгыт  көдүнэллэр.
                   Олор,  быһыыта,  туһалыыллар,
                   Оннугар  кыһалҕаны  толуйаллар.
                   Ойдом  ойуур  иһиттэн
                   Отонмуур  курдук  илистэн,
                   Тоҕо  мантан  тигэстэһэн
                   Туһаны  булбат  буолуоххутуй?
                   Үтүө  баҕабын  ирдэһэн
                   Үөрэ  кербөт  буолуоххутуй?











         С«ргей  Ва«ильг>
   450   451   452   453   454   455   456   457   458   459   460