Page 56 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 56

С А Р С Ы А Р Д А

                        Унаар-мэнээр сыһыыттан
                        Күдэрик  көтөи  туиаарда,'
                        Илин  ойуур  быыһыттан
                        Халлаан өҥө сырдаата.
                        Киҥкир  ойуур  көхсүгэр
                        Кэҕэ  этэн  чоргуйда,
                        Кэтит  мыраан  кэтэҕэр
                        Кэрэ  куолас дуорайда.

                        Көмүс чыычаах күөрэгэй
                        Көтөн  тахсан  туйаарда,
                        Тоҕо  баҕас дьиктитэй,
                        Толоон-хочо  куйаарда.

                        Сыһыы  сиигин  ыһыктан
                        Сүөгэй  курдук  ибиирдэ.
                        Үөрэн,  сүрэх  уһуктан,
                        Эмиэ  ыллаан  кэлнйдэ.
                                                1935  с.
   51   52   53   54   55   56   57   58   59   60   61