Page 90 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 90

«Урааҥхай  саха  —  диэн  суон  ааты  көтөҕөн
               Кыргыһы,  итиини-тымныыны  туораабыт,
               Октябтан  барҕаран  дусраччы  ыллаабыт,
               Оо,  саха,  туругур,  суон  ааккын  үрдэтэн!

               «Бу  иһин  эйиэхэ  эҕэрдэ  этэбит,
               Бу  иһин  баараҕай  баһыыба  биэрэбит!
               Күн-Ленин  доҕорун  —  Эйигин  хайгыыбыт,
               Дойдубут  сирдьитин  —  Эйигин  таптыыбыт!»
                                               1939-41  с.  с.
   85   86   87   88   89   90   91   92   93   94   95