Page 51 - Сергей Васильев-Борогонскай. Поэт уонна гражданин
P. 51

һаарар  кэм нэригэр  холорук  мыраан  үрдүгэр  тиийбит.
       Көмүллэр  сиригэр  мыраан  үрдүгэр  тахсыбыттар,  аллара
       көрдөхтөрүнэ, алта туруйа кэлэн олорор үһү. Сорохтор онно:
       “Сэттис  туруйа  суох  ини!”  —  диэбиттэр.  Онуоха  Петр  Ни­
       колаевич Васильев (Ма1ган Бытык) оҕонньор:  “Сэттис туруйа —
       бэйэтэ!”  — диэн  кэбиспит...  Хомуһуннаах тыллаах оҕонньор
       Сергей  Васильев  төрөөбүт  норуотун,  дойдутун,  айылҕатын
       кытта быстыспат ситимин бэргэнник да эппит эбит».
            Улахан  поэт чаҕылхай,  сытыы,  чолбон  киһини туойбута
       бүүс-бүтүннүү бэйэтигэр сыһыаннаах.
             Сергей  Васильев  70-с  сс.  «Кыым»  хаһыакка,  радиоко-
       митекка  үлэлээбитэ.  1975  с.  ыам  ыйын  11-с  күнүгэр  Улуу
       Кыайыы  30  сылын  туолуутун  көрсөн  баран,  күн  сириттэн
       барбыта. Түмүкпэр, Иван Брызгалов «Мэҥэттэн махтал» диэн
       хоһоонун аҕалабын:

                  «Мэнэлэр хайа  урдугэр»   —
                  Сергей,  Эн кынаттаах тылыиан
                  Суруйбут  алгыскын  ылынап,
                  Мэҥэлэр  сайдабыт  сылтан  сыл.
                  Баараҕай баһыыба!  —   бугун  ыл
                  «Мэкэлэр хайа  урдугэр»
                  Куурээннээх уоххунан  дьайбыккын
                  Кэрэни уонна  Эн  айбыккын,
                  Сурэҕи,  дууһаны таарыйап,
                  Иэйиилээх кэс  тылы арыйан
                  «Мэнэлэр хайа  урдугэр»
                  Курдаттыы көрбуккун  чулуутук,
                  Киэргэппит  бу тылын улуутун,
                  Куустээхтик эрэнэ  санаакнын,
                  Ыччакка эппиккин  анааҥҥын
                  «Мэҥэлэр хайа  урдугэр»
                  Бу тылын  туөстэрэ  тэбэрин
                  Билбиккин куус-уох эбэрин,
                  «Киэк Мэкэ» махтана саныыбыт
                  Эн  ааккар элбэҕи  аныыбыт.
                  «Мэҥэлэр хайа  урдугэр»
                   Очуоска  уйэлээх хотойдуу
                  Ырабыт,  санаабыт хоһуун  дуу,
                   Ү унэр  да  сайдыылаах уйэҕэ
                  Хаамсыһыах кыайыылаах  улэҕэ!



                                       49
   46   47   48   49   50   51   52   53   54   55   56