Page 54 - Сергей Васильев-Борогонскай. Поэт уонна гражданин
P. 54
комугар сир салаатын салайбыта. Онон кини Сергей Степа-
новичтыын бииргэ бэркэ диэн тапсан үлэлээбиттэрэ, олус
лоҕордуу этилэр. Кэлин Сергей Степанович Ньурбаҕа кэллэ-
ҕинэ, биһиэхэ өрүү сылдьар буолара, аҕабынаан Василий Се-
меновичтыын чэй иһэ-иһэ элбэҕи кэпсэтэллэрин өйдүүбүн».
С.С.Васильев 60 сааһын туолар үбүлүөйдээх мунньахха
В.С.Червяков Дьокуускай куоракка Ньурбаттан кэлэн, доҕо-
рун эҕэрдэлээн кинини ытыктыырын, Ньурба сайдыытыгар
улахан кылааты киллэрбитин ахтан-санаан туран тыл эппитэ.
Е.В.Червякова кэпсиир: «Аҕам 1968 с. баара суоҕа 63
сааһыгар күн сириттэн барбыта. Кини Сергей Степанович 60
сааһын көрсө суруйбут “Талааннаах салайааччы, тэрийээччи,
бэртээхэй киһи этэ” диэн ыстатыйатын Ньурба “Норуоттар
доҕордоһууларын” музейын салайааччыта К.Д.Уткишга биэр-
битин, музей таһаарар сурунаалыгар киллэрбитэ. Ол ыста-
тыйаны Суоттуларга биэрбиппин Уус-Алдан улууһун “Мүрү
саһарҕата” хаһыатыгар 2007 с. бэс ыйын 16 күнүнээҕи нүөмэ-
ригэр таһаарбыттара. Онно маннык диэбит: “Мин тус бэйэм
киниэхэ народнай поэт үрдүк аатын иҥэрэллэрэ буоллар, олус
сөптөөх сыанабыл, онно толору эппиэттиир киһи — поэт Сер
гей Степанович Васильев диэм этэ”, — диэн олус бэрт соп
сыанабылы биэрбитэ». Василий Семенович Сергей Васильев
талааннаах суруйааччы буоларын аттыгар сылдьан билэн эп
питэ ото костер. Кини государственнай деятелин таһынан
айылҕаттан бэриллибит суруйар дьоҕурдааҕа. С.Васильев киһи
быһыытынан бары өттүнэн эргиччи сайдыылаах, талааннаах,
чаҕылхай буолан, саҥа олоҕу тутарга сөп түбэһэрин бэлиэ-
тиир тоҕоостоох. Кини салайар үлэтигэр поэзиянан дьону
иитэр, салайар талаана киһини сөхтөрөр. Маннык киһи буо
лан норуотун тапталын, ытыктабылын сүгэр. Эдэр ыччаты
иитэригэр «Дьэ, ьшлаан дьиэрэтиҥ!», «Саха сирин ыччата»,
«Дьон норуот сааскыта», «Кэрэтиэн туойуохха», «Кустук
өҥүнэн» (оҕо хоругар анаан, Г.Григорян музыкатыгар) ула
хан суолталаах этилэр. Саха араадьыйатын ыччакка аналлаах
биэриитигэр «Дьэ, ыллаан дьиэрэтшг» диэн ырыа бастаан бэ-
риллэрэ эдэрдии сибиэһэй, сайаҕас санааны илшйэрэ. «Дьон-
норуот сааскыта» диэн ырыа норуотун күүстээх санаалыыр,
бииргэ түмэр.
Сергей Васильев сахатын фольклорун дириҥник ытык-
гыыра, бтыэрэ олон хону суруйбутугган костор. Кини оҕолорго
52

