Page 63 - Сергей Васильев-Борогонскай. Поэт уонна гражданин
P. 63
буолалларыгар ыҥырар ис хоһоонноохтор. Элбэхтэн аҕыйах
холобур.
Эр биллэр
Эрдиилээх кэмнэрэ
Элиэ кыыллыы
Элиэтэһэн кэллилэр,
Сор туолар
Суостаах куннэрэ
Хара суордуу
Халаатыһан тустулэр (поэт тыҥааһыннаах күннэр-
дьыллар үүммүттэрин өстөөхтөрү санатар элиэ кыылга уонна
суорга холуур).
Кыһыл Армия
Кырыынан көрсуһэн,
Уһуктаах өргөстуу
Уун утары кииристэ
Хомпоруун хотойдуу
Хорсуннук туһустэ.
С.С.Васильев бэйэтин дьонун, сэрииһиттэрин өргөскө,
кылыска, хотойго холуур. Бу охсуһуу, эйэлэспэт атаан тыллара,
өстөөххө өһү-сааһы күөртүүр анатлаахтар.
Охсуһуу кылыһа:
Хахай уоҕун курдук
Ханыл буоллун — диэн
Хакалас хайатын
Хаарын уутунан хатарбытым.
Хотой санаатын курдук
Хотуулаах буоллун — диэн
Хоту Ленам
Хойуу уутугар хоннорбутум.
Суруйааччы кылыһы хахайга, хотойго холоонноох эрэ
онорбот, кини күүһэ эрчимэ дойду күүһүн иҥэриммитин
этээри Хаҥалас хаара, Өлүөнэ уута уобарастары туттар.
Чэй эрэ,
Өстөөҕу утары
Өргөс курдук суйулаа
Кылааннаах биилээх
Кылыс курдук,
Ириэнэхтэн иннибэккэ,
Иннигинэн дьулуруй!
61

