Page 59 - Сергей Васильев-Борогонскай. Поэт уонна гражданин
P. 59
ырытар, түмэр, наардыыр о.д.а. толкуйа ордук киэҥник тут-
туллар диэн быһаараллар.
Бэдэгиэктэр оҕону кыра сааһыттан тэҥнииргэ үөрэтии
уонна ону туттан оҕо өйүн сайыннарарга, билии ылар, тол-
куйдуур дьоҕура сайдарыгар көдьүүстээх дииллэр. Онон
тэҥнээһин ордук оҕо сааска ураты суолталааҕа бэлиэтэнэр.
Оттон уус-уран айааччы оҕо курдук сэргэх, сонумсах,
ураты айылгылаах киһи буоларынан, тэҥнэбили оҥорор,
үөскэтэр дьоҕур кини идэтин биир бэлиэ көстүүтүн
быһыытынан сыаналыахха сөп. Уус-уран суруйууга онон тэҥ-
нэбил ылар миэстэтэ уһулуччу. Хас биирдии поэт, суруйаач-
чы туспа тэҥниир ньымалаах, тэҥнии көрөр халыыптардаах,
кэриҥнэрдээх буолар.
С.С.Васильев «Талыллыбыт айымньыларыгар» киирбит
хоһооннорун тэҥнэбиллэрэ олус баай, араас өрүттээх эбит.
Бастатан туран, кини тэҥнэбиллэрэ быһаарыы да, сиһилии
да, кэпсиирэ да көрүҥнэнэллэр эбит.
Холобур, сиһилии тэҥнэбил:
Харса дьабыл туйаҕым
Хатарыылаах анньыы тыаһын курдук,
хабырҕаан бараарай ...
Быһаарыы тэҥнэбил:
Хахай уоҕун курдук,
Ханыл буоллун, — диэн
Хаҥалас хайатын
Хаарын уутунан хатарбытым
Хотой санаатын курдук
Хотуулаах буоллун, — диэи
Хотун Ленам
Хойуу уутугар хоннорбутум.
Кэпсиирэ тэҥнэбил:
Сорох паровозтар
Суостаах орудиелара
Сул дулуҥ курду к ...
... дириҥ ууга быраҕыллан
Тимирбит таас курдук ...
Үөруунэн-дьолунап долгуйаннын,
Үтуөнэн-кэрэнэн салгытаннын,
Кэлэр сырдык кэскиллээх
Кэнчээри ыччат курдуккун дии!
57

