Page 182 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 182
Оскуола, кулууп дьиэ
Түннүгэ
Күндээрэн
Күлэрин?
Эн хайа, муодарҕаан,
Бу курдук,
Бытаардыҥ
Буолаарай?
Алтата эргийдиҥ,
Аны, дьэ,
Сэттиһэ
Туолаарай?
Эн өссө, эЬиил саас
Кэлэргэр
Элбэҕи
Көрүөҕүҥ!
Биһиги олохпут
Кэрэтин
Кзрэхсии
Сөҕүөҕүҥ.
Мин онно «зачеппун»
Туттаран,
Кылааспын
Бүтэриэм.
Мин онно эйиэхэ
Сэһэним
Силигин
Ситэриэм.
Үөр сэттэ туруйа,
Халлааны
Кырсынан
Айаннаар!
Кэлэргэр мунаарыаҥ,—
Өлүөнэ
Тардыытын
Талаһаар!
168

