Page 177 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 177
Хатыҥ мае хагдарыйан
Сэбирдэх
Симэҕэ
Түһэрэ.
Муох, сэки, маар үрэх
Кырдала
Кытара
Хатара.
Ол ону хасыһан
От оттоон
Уйбаанчык
Хаамара...
Тарбаҕын хаалдьыгар
Хадьымал
Чып гына
Саайара.
Квй бааһа чыбырҕаан
Уҥуоҕа,
Сүрэҕэ
Кыйара.
Сылайан, дулҕаьа
Олорон,
Сынньанан
Ылара.
Үөр сэттэ туруйа
Үрдүнэн
Элиэтии
Дайара.
Уйбаанчык саныыра:
«Быраһаай,
Үөр сэттэ
Туруйа!
Быраһаай, күөх сайын,
Көй куйаас,
Сибэкки
Симэҕэ.
163
6*

