Page 178 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 178
Быраһаай, сайылык,
Чэлгийэр,
Долгуйар
Тэлгэһэ.
Аҥыйан истэҕэ
Тибиилээх,
Буурҕалаах
Хаар — кыһын.
Ч уучу ргуур-хаачыргыыр,
Тоҥ атах,
Торуоска
Аргыһым.
Саһыаҕым-киириэБНМ
Самнайбыт
Саах сыбах
Хотоҥҥо,
Адарай сэриилээх,
От тэллэх,
Нэк күөдэл
Ороҥҥо.
Муннукка чэҥ муустан
Көһүччү
Тоҥуоҕа
Атаҕым.
Дьүккүһэ туруоҕа
Күкүргэ
Биир токур
Ынаҕым.
Күнүһүн таһырдьа
Чигдигэ
Мөхсөрүм
Кэллэҕэ.
Тордуйа таҥаһым
Хороччу
Тоҥоро
Истэҕэ...
164

