Page 183 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 183
Ол онтон — Майаны
Баараҕай
Тутуунан
Бэлиэтээр!
Быраһаай, быраһаай,
Эн эһиил
Этэҥҥэ
Эргийээр!»—
Уйбаанчык оҕото
Итинник
Кэпсэтэн
Атаарда.
Туөһүгэр хаалтыһа
Кытара,
Тэтэрэ
Хамсаата...
* * *
Аҕа, уол араастык
Көөртөрө:
Туруйа
Кыылбытын,
Күөх солко нуоҕайдаах
Көй сайын
Күөгэйэн
Ааспытын;
Тоҥ кыһын чугаһаан,
Кырыа хаар
Кыыдааннаах
Тымныытын:
Кими баай кыпчыйан
Моонньуттан
Умсары
Мииммитин;
Ким, бүгүн ол онтон
Арахсан
169

