Page 188 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 188

Оройун  сиигинэн,
                   Хардаҕас  мастыы,
                   Хайа  охсон,
                   Хаанын  бүрүнзн  таҕыс  эрэ!
                   Чэй  эрэ,
                   Норуоккун  муннуттан  сиэтээри,
                   Ньохчодор-бөкчөгөр  систээри,
                   Сааланан-саадахтанан
                   Сабардаан  кэлбит
                   Хаанымсах  фашистары,
                   Хаба-ортолорунан
                   Хараҕалыы  анньаҥҥын,
                   Сытыы  бииҥ  устун
                   Сылаас  хааннарын
                   Сыккырат  эрэ,  до5оруом!
                   Суубургуу-суубургуу,
                   Субай  хааннарынан
                   Суунабалан  эрэ,  кылыһыам!..
                   Чэй  эрэ,
                   Анараа  дойдуларга
                   Ааһа  түһэҥҥин,
                   Айыы  аймаҕын
                   Ата^ын  кыаһылаабыт
                   Ап-чарай  кэлгиэтин
                   Быта  оттуу
                   Быһыта  сынньаҥҥын,
                   Күн  дьонун
                   Көмүскүү  оҕус!
                   Чэй  эрэ,
                   Хаанымсах  фашизм
                   Хара  ыыспалаах
                   Хараҥа  дойдутугар,
                   Киэргэллээх  бу  бэйэҥ
                   Килбэйэн  тиийэҥҥин,
                               174
   183   184   185   186   187   188   189   190   191   192   193