Page 66 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 66
Өр да утуйа сыппытыҥ,
Өлүөнэ эбэккэм.
Ол кэмнэргэ:
Сонор хаар суорҕаҥҥын
Сур бөрө эрэ ойуулуура,
Хараҥа хара тыаларгын
Хардаҥ эһэ эрэ аймыыра.
Кыһыҥҥы кыскыар тыал
Кыланар кыыдаана,
Кырыыр курдук, улуйан барара,
Иһиирэр халарык
Илгистэр омуна
Эриллэн үҥкүүлээн тахсара.
Арай
Туут хайыһардаах,
Тоҥ мае туруоскалаах
Урааҥхай аймах олохсуйан
Улуу Өлүөнэ кытылыгар
Уоту чаҕылыппыта.
Кини
«Тоҥтон толлубаппын» ааттанан,
Томтор сирдэр ньуурдарын
Тойон сэргэнэн киэргэппитэ;
«Ириэнэхтэн иҥнибэппин» дэнэн,
Элгээн сирдэр саҕаларын
Эриэн ситиинэн симээбитэ.
Кини
Уһун курааннарга
Убаҕас куҥнаннар даҕаны,
Халыҥ хаардарга
Хаппыт иэдэстэннэр даҕаны,
«Самнан биэрбэт саргылаах
Саха урааҥхайбын» дэнэн
60

