Page 62 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 62
Уот сэлэ диэки
Уун-утары хайыста,
О50 өлүгүн аттыгар
Уҥа атаҕынан тобуктаата.
«Бу,
Украина дэрнэбинэтин
Уотунан сиэппиттэрин иһин,
Бу,
Уол оҕону
Омуһахха тумнарбыттарын иһин,
Эһиэхэ —
Ийэлэргэ,
Аҕаларга
Мин —
Биир сындааһыным
Хамсыырын тухары,
Биир бүлтэһим
Бүтүнүн тухары
Хаанымсах фашистарм
Харса суох кыргыам диэн,
Лан дархан андаҕарм
Лндаҕайабын!»— диэтэ.
Полкалар, батальоннар
Бука бары:
«Андаҕайабыт,
Бу уот кутаа иннигэр,
Андаҕайабыт,
Бу аһыылаах ийэ иннигэр
Өстөөҕү өһүөннүүргэ!»— дэстилэр.
Кинилэр
Уордаах андаҕардара
Украина толоонун үрдүнэн
56

