Page 63 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 63

Улам  ыраатан
                 Уораһыйа  турда.
                Сэриилэһэр  армия,
                Бэс  ыйа,  1944  с.


                     КЫАЙЫЫ  ЫРЫАТА
                 Кыырай  эрэ,
                 Кыталык  буолан,
                 Кырдалы,  сыһыыны  үрдүнэн,
                 Кыайыы  ырыата!
                 Күөрэй  эрэ,
                 Күөрэгэй  буолан,
                 Күөх  толооннору  үрдүнэн,
                 Күн  дьолун  үөрүүтэ!
                 Ыллаа,
                 Ымыы  чыычаах  буолан,
                 Ыаллаах  алаас  ахсын.
                 Эйээр,
                 Этнгэн  хомус  буолан,
                 Элгээн  сыһыы  устун.
                 Кэпсиэ,  кэпсиэ,  түргэнник.
                 Кэриэн  ыччаттарым
                 Кэккэлэригэр  киирэҥҥин,
                 Килбиэннээх  кыайыы  буолтун!
                 Албаннаах  кыайыы,
                 Арылхай  күн  сырдыга  буолан,
                 Айхаллаа,
                 Айыы  дьонун
                 Алаһа  дьиэтин
                 Аанынан  киирэи!
                 Уруйдаа,
                 Урааҥхай  саха
                 Уйгулаах  остуолун
                 Ортотугар  тыган!
                             57
   58   59   60   61   62   63   64   65   66   67   68