Page 96 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 96

Тоҥ  ньыгыл  буору
                   Тобулу  күөргэллээн,
                   Хара  кылааннаах
                   Хатан  сүгэбинэн
                   Суон  чиргэл  маһы
                   Сулуйа  тэлэ  суорҕаннаан,
                   Ыраас  тиистээх
                   Ыстаал  эрбинбин
                   Эттээх  мае  иэнигэр
                   Эйээрдэ  ыллатан,
                   Үөскээбит  үрдүк  кырдалбын
                   Үс  мае  бүтэйдээбищм,
                   Туойбут-до5уйбут  толооммум
                   Туруору  дьиэлээбитим.

                   Аларым  иһигэр
                   Арылхай  саҥаны
                   Артыалынан  элбэппитим.
                   Хонуум  саҕатыгар
                   Куораттыы  дьиэни
                   Колхоһунан  хойуннарбытым...

                   Бу  бүгүҥҥү  үтүө  күн
                   Буору  өссө  дириҥник  хаһаары,
                   Бөһүөлэк  хоту  уһугар,
                   Чөҥөрө  күөл  чугаһыгар,
                   Уһуктаах  хатан  хойҕуолаах
                   Оҥостон  кэлэи  турабын.
                   Ийэм-аҕам
                   Эйэҕэс  үөрүүтүнэн
                   Испиттэн  эрчимирэн,
                   Үтүө  дьонум
                   Үрдүк  дьулуурунаи
                   Өрө  көтөҕүллэн —
                   Тоҥу  т05у  хаһаары,
                   Суорбаны  супту  суораары,
                               82
   91   92   93   94   95   96   97   98   99   100   101