Page 99 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 99
Элбэх үлэҕэ
Этиҥ күүһүн көлүнүөм.
Хатан хойгуобун
Харыырга ханыылаан,
Килиин сүгэбин
Кэлиигэ кэккэлээн,
Музей остуолугар
Мунньан ууруом,
Уһун лиэнтэ устатыгар
Уруй, махтал суруйуом!
Дьэ эрэ,
Уһуктаах хойгуом,
Охсубутуҥ — ойутуннун,
Түспүтүҥ — түөрүлүннүн,
Күөрэйбитиҥ — көҥүрүттүн,
Тиэтэйбитиҥ — дириҥэттин.
Дьэ эрэ,
Айгыраабат акылаат уурулуннун диэн,
Тулхадыйбат тулааһын тутулуннун диэн,
Күүстээх станция үлэлээтин диэн,
Күлүктэммэт күннүү күндээрдин диэн.
Тоҥ буору,
Тоҕута сынньан,
Көҥүрүт эрэ,
Күүстээх хойгуом!
1950 с.
«КЫЫС ХАҤА»
Дорообо,
Ырыаҕа-тойукка ылламмыт
Эбэккэм «Кыыс Хаҥа»!
Дорообо,
Аатырбыт Бэрт Хара тэҥнэммит
Аарыма кырдьаҕас бэс маһа!
85

