Page 97 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 97

Сойуодуйбут  чобуо  хойгуолаах
                Соруйан  оҥостон  турабын.
                Харыбын  өрө  тиэринэн,
                Ьылчыҥмын  күүскэ  күүрдэн
                Күр  буору  хаһан,
                Күрбэ  тааһы  хостоон,
                Ааттаах  электростанция
                Акылаатын  түһэрэр  соруктаахпын,
                Элбэх  ыаллаах  түөлбэбин
                Ильич  уотунан  сандаардар  былааннаахпын.
                Өрүс  сүүрүгүн  тэһииннээн —
                Өрө  сүүрдэн  килэтэн,
                Улуу  Аҕа  дойдум
                Уорҕатын  угуттатан,
                Өлгөм  үүнүүнү  ылар
                Үрдүк  былаан  олохтонор;
                Кыһыл  кумахха
                Кырыс  түһэрэн,
                Киэҥ  куйаары  чэлгитэр
                Кэскиллээх  үлэ  барг,арар...
                Дьэ  эрэ,
                Чобуо  хойгуом,
                Чоной  эрэ,
                Чокуллуо  буору
                Тоҕута  күөргэллээн!
                Ыстаал  эрбиим,
                Ыллаа  эрэ,
                Чиргэл  маһы
                Тэҥнии  үөрэҕэстээн!

                Дьэ  эрэ,
                Колхозтаах  хоодуоттарым,—
                Хоһуун  ыччаттарым,
                Тиэтэтиэҕиҥ  эрэ,
                            83
   92   93   94   95   96   97   98   99   100   101   102