Page 12 - Иван Мигалкин Аныыбын иһирэх иэйиибин
P. 12
ТАПТАЛ С у л у һ А
Сулустаах халлааммар
Мин көтөн тахсаммын,
Эйиэхэ, доҕорбор,
Сулуһу талыаҕым.
Кинини ылыаҕым
Эдэр саас чиэһигэр,
Сэрэнэн тутаммын
Эйиэхэ биэриэҕим.
Ол сулус сырдыга
Суолбутун ыйыаҕа,
Тапталбыт өрүүтүн
Кинилиин умайыа.
Сып-сырдык сулуһу
Мин олус таптыыбын,
Сулуска тэҥнээммин
Доҕорбун туойабын.
Мин ырыам тиийиэхтин
Хас саха сүрэҕэр,
Намыыннык-намчытык
Дууһаны долгутан.
1967 сыл, Тойон Мүрү.
20

