Page 14 - Иван Мигалкин Аныыбын иһирэх иэйиибин
P. 14
САЛ Л ААТ С уР у Г А
Ийэккээм, суруйууй миэхэҕэ,
Саллаат суругар эппиэттээн,
Дойдум дьонун саҥа сонунун,
Ахтылҕан иэйиитин этэн.
Хомойо,хоргута санаама
Суругуҥ олус кылгас диэн,
Саллаат олоҕо дьэ, ыарахан:
Күн тура үөрэнии, хаамыы.
Сэрии будулҕанын быыһыттан
Саха киһитэ хаан тардыстар
Хамыйах сулустарын көрдөхпүнэ -
Ол анныгар дойдум, мин Сахам сирэ
баар диэммин тыыннаах эргиллиэм.
Ардыгар тоҥобун тымныыттан,
Курдаттыы силлиэрэр тыалтан,
Сытыы ыйылас буулдьаттан
Сүрэхпин уоскутар, ийэккээм -
Тапталыҥ сылааһа миигин.
Дьэ, уонна тугу суруйуомуй,
Эн хайаан да итэҕэй,
Эрэлгин түһэн биэрбэт
Буойун уол буоларбын.
1972 сыл.
12

