Page 19 - Иван Мигалкин Аныыбын иһирэх иэйиибин
P. 19

•ХЗ^С*                             олхзъ&влгхаьсхв

                          ГӨЗЕЛ

              Эн  билбэтиҥ,
              Бэл, түүлгэр да
                көрбөтүҥ буолуо.
              Эйигин,  кэрэ  кыыс,
                аанньал  оҥостон
              Күннэтэ
                мин  ырыа  ыллыырбын...
              Өйдүүгүөн,
              Мары  куоракка
              Хоһоон  аахпыт киэһэбитин,
              Араас омук тылынан
              Иэйиибит истиҥэ этиллибитин...

              Билэҕиэн,
              Мин  үөрүнньэҥ дууһам
             Добун  өрөгөйүнэн туолбутун,
              Күннүү сылаас сүрэҕим
             Туркмения  истиэбэр
                   тардыспытын?

              Гөзел,
             Санаабар  көрөбүн  эйигин,
              Илэ баардыы  оҥорон,
              Марал  курдук үргэн,
              Куотума дуу,  миигиттэн!

             Дууһабар
             Ырыалар үөскүүллэрин тухары,
             Ырыалар  кынаттанан
                  көтөллөрүн  тухары,
             Мин  иккистээн тиийиэҕим
             Эн тапталлаах  Марыгар,
             Үөрүүлээх  көрсүһүүбүт
                  бэлиэтигэр  -
             Эн  илиигэр уунуом  -
             Илиибин  буолбакка,
             Сүрэхпэр  бүөбэйдээбит ырыабын.

             1975  сыл.  Ашхабад.

                                                         17
   14   15   16   17   18   19   20   21   22   23   24