Page 20 - Иван Мигалкин Аныыбын иһирэх иэйиибин
P. 20

О Л О ҔУМ  - ӨРҮҮ А Й А Н

                      Ийэкээм,  соҕотох  миигиттэн  эрэ,
                      Поэт буола  сатыыр уолуҥ туһуттан  -
                      Төһөлөөх түүннэри  утуйбатыҥ,
                      Төһөтө санаарҕаан  эрэйдэнниҥ?

                      Маны  барытын  ааҕар, түмэр буоллар
                      Чуумпу оҕолордоох уонунан  ийэлэр
                      Утуйбатах түүннэригэр,  кыһалҕаларыгар
                      Тэҥнэһиэ этэ,  күндү  ийэкээм!

                      Кырдьыга,
                      Мин  сылдьар сырыым  киэҥэ,  холуһа,
                      Биир сиргэ таба  олорботум  оҕоккото,
                      Дьон  көрбөтөҕүн,  саҥаны  көрөргө
                                              тиэтэлим.

                      Билсэ,  доҕордоһо,  өстөһө  охсубутум,
                      Кыыһырсан,  бурайсыбытым түргэнэ  -
                      Биллэ,  иһиллэ турдаҕа,  ийэкээм,
                      Мин туспуттан  санаарҕабылы  үөскэтэн...

                      Тугу  кистиэмий  -   бааллара
                      "Муоралар тобукпунан  буолуулара",
                      Күннээҕи тапталлар,  итэҕэстэр...
                      Ийэкээм,
                      Эн  уолуҥ олоҕо  -   өрүү айан...

                      Өрө тахсыылар,  таҥнары түһүүлэр...
                      Үгүстэ  охтуом...
                      Ол  эрэн,  кэлин  син  биир туруом,
                      Ыллаабыт ырыабын тайахтанан.

                      1975  сыл,  Москва.








      йМ1ш. 18 |||||ГН1Г1ГШ«|Ш(Г1ШТ11Ш1||!1ЯИМ»М‘1ОТТ1«П1»М,Г1ТШ0Щ1Г111ГГ11Ш1Ш1ШГПП|1та
   15   16   17   18   19   20   21   22   23   24   25