Page 24 - Иван Мигалкин Аныыбын иһирэх иэйиибин
P. 24

ИЛИИҤ  СЫ П -СЫ Л ААС СҮҮРЭЭН И Н

                      Эн  бэйэҥ да  билбэккинэн
                      Илииҥ сып-сылаас сүүрээнин
                      Миэхэҕэ бэлэхтээтиҥ...
                      Ол  сүүрээннэр тымырым  устунан
                      Эппэр  иэйэ сүүрдүлэр -
                      Улам-улам  сүтэбин,
                      Туймаарыы  кынатыгар  куустаран...
                      Ууллабын  -
                                 кыыс илиитин  сылааһыттан.

                      1977  сыл.  Москва  к.




                  ЭН  СЫ Л АА С ТАРБАХТАРЫҤ


                      Эн  сылаас тарбахтарыҥ
                          оонньууллар баттахпынан,
                      эн  нарын  уостарыҥ
                           уурууллар  иэдэспин,
                      эн  ыга  киирэн  хаалаҕын  -
                           мин түөспэр,  миэхэҕэ....
                      Умнабын
                      Аан дойдуга  барытын  -
                      эн  эрэ  уостарыҥ,
                      эн  эрэ тарбахтарыҥ,
                      эн  эрэ  сүрэҕи
                      туймаардар тыыныҥ...

                      1977  сыл.  Москва  к.












           22
   19   20   21   22   23   24   25   26   27   28   29