Page 124 - Өксөкүлээх Уола 2009 223стр
P. 124
көрө да, истэ да илик оҕоҕо, миэхэҕэ, кырдьык да улахан
сонун уонна соһуччу этэ. Ийэм Реастыын кэпсэтэллэр, сыла-
баар оргуйбутугар дьоммут үөрэ-көтө чэйдээтилэр. Онтон
тахсан, айаннаары туран, хайалара эбитэ буолла, умнубуп-
пун, мин көрдөхпүнэ суп-суон уостаах улахан баҕайы бэсти-
лиэтинэн үөһэ ытан хабылыннарбытьҥар сып-сырдык уот
өрө сурулаан таҕыста. Тула сырдыы, сандаара түстэ. Ол ра-
кетницанан ыппыттар эбит. Баҕар, ханна эрэ кэтэһэр аргыс-
тарьҥар баран эрэбит диэн сигналлаабытгара эбитэ дуу, эбэ-
тэр көннөрү ыппытгара эбитэ дуу, билбит суох. Огггон күлэн-
үөрэн, быраһаайдаһан кэлбит суолларынан төтгөрү тигинэтэ
турдулар. Ити таайбын мин аан маҥнай көрүүм этэ.
Сарсыарда оскуолабар тиийбитим оҕолор: «Бэҕэһээ киэһэ
эһиги диэкиттэн ити туох уотун ыттылар», — диэн ыйъг-
талаһа тоһуйдулар. «Ити ракета, ракетницанан ыппыттара
буолуо, бэстилиэт буолбатах», — диэн быһаарааччы оҕо баар
буолла сэрии бүппүтэ аҕыйах сыл буолан, балачча биллэр
«бэстилиэт» буолуохтаах.
Нөҥүө кыһын, эмиэ куораттан иһэбин диэн кэлэн хонно.
Бу сырыыга уруккутун курдук тоҕо эрэ үөрбэт-көппөт, хай-
дах эрэ сүөм түспүт көрүҥнээх. Ол эрээри миигин кытга
бэрт дьоһуннаахтык, сороҕор мичээрдии-мичээрдии кэпсэ-
тэр, үөрэхпин, учууталларбын эҥин ыйытар. Ол, баҕар, оҕоло-
рун ахтыбытыттан да буолуо. Рая, Атос мин саастыылаахта-
рым. Обургу бартыбыалыттан алюминийтан оҥоһуллубута
эбитэ дуу, араас быһыылаах пластинкалардаах хаптаҕай, кы-
ракый хоруопканы (билиҥҥи компьютер дискетатын саҕа)
тутгаран кэбистэ («Пифагор» ооннъууру) уонна манныктары
оҥор диэн араас фигуралар уруһуйдаммыт лиис кумааҕыны
хоруопкатган ылан, көрдөрөн биэрдэ.
Реас онтон сайын, кураан бөҕө этэ, сүрдээх куйаас күн
кэлэ сырытта. «Доҕоор, сөтүөлүүр сир ханна баарый, баран
сөтүшгүөх эрэ» диэтэ. Дьиэбититгэн чугас, арыы чараҥы туо-
раан, сөтүалүүр сир ханна баарыгар, баран сөтүөлүөх дэс-
тибит. Дьиэбититгэн чугас, арыы чараны туораан, сөтүөлүүр,
муус уутугар эбэргэ уу да баһар, кыра буолан, хаһан да уолбат
көлүкэҕэ баран сөтүөлээтибит. Реас үчүгэйдик харбыыр, ба-
лачча уһуннук умсар эбит. Көлүкэни уҥуор-маҥаар хаста да
туораан ылла. Эдэригэр илии-атах ооҥнъуутугар бэйэтин лаппа
кыанар, бэл республикаҕа миэстэлэһэр спортсмен эбит этэ.
Сөтүөлээн бүтэн, таҥна олорон: «Бу көлүкэ аата туох диэ-
ний?» диэн ыйыпҥытьҥар, «Хаарылаах» диэтим. Киһим тоҕо
эрэ чочумча дьиппиэрэн, толкуйга түспүт курдук буолан ылла
уонна иһиллэр-иһиллибэтгик, оргууй аҕай: «Оо, оччо бөрүкүтэ
122

