Page 191 - Өксөкүлээх Уола 2009 223стр
P. 191
АҔАБЫТ БАРАХСАН
ӨЙДҮҮБҮН
Лҕам кэриэһигэр
Өйдүүбүн хаар маҕан баттаххын,
Өйдүүбүн уйаҕас дууһаҕын,
Өйдүүбүн эн шшиҥ сылааһын,
Өйдүүбүн эн сырдык мичээргин.
Эн биһи чуумпуран тураммыт
Күөрэгэй ырыатын истэрбит,
Дурдаҕа кус кэтии олорон
Сээкэйи кэпсэтэр буоларбыт.
Кэпсиириҥ урукку олоххун —
Оҕо саас мас атын миинэҥҥин
Эн таптыыр алааһыҥ кырдалын
Чээлэй күөх отунуу үүммүккүн.
Эн эһэҥ олоххо үөрэтэн,
Элбэххэ такайар эбитин.
Олоххо түбэлтэ буолбутун
Холобур оҥосгон кэпсиириҥ.
Норуотуҥ былыргы номоҕун
Элбэҕи эн билэр да этиҥ,
Саха чөл, ыраас дууһатын, ыратын
Иҥэрэн улааппыт эбиккин.
Бар дьонун' үтүөтүн, өҥөтүн
Ууруна сылдьаҥҥын өйдүүрүҥ.
Сүрдээҕин астынан, дуоһуйан
Хайҕааҥҥын элбэхтэ кэпсиириҥ.
Айгыр-силик тылынан
Аймаһыйа ахтарыҥ
Сүтэртээбит кэрэ дьонтгун.
Киргэ-сыыска сыһыарбакка
Этэр тылыҥ үтүөтүнэн
Эн эһэбин кэпсиириҥ,
Кэрэ киһини ойуулууруҥ.
Ойдүүбүн үөрүнньэҥ бэйэҕин,
Олохтон ырааһы көрдүүргүн,
189

