Page 217 - Өксөкүлээх Уола 2009 223стр
P. 217

пын баҕарар ыра санаабын өйдөөбүтүгэр уонна өйөөбүтүгэр!
        Дьэ туран оскуола оҕото барыта көрөн турдаҕына собуоттаа-
        тым  уонна  дьиэм  диэки  айаннаатым.  Сүрэҕим  кутталбытган
         бип-битигирэс.  Олох  тыал  курдук  көтүтэн  иһэр  курдукпун.
        Дьиэбэр  кэлбитим  оҕуруоппут  аана  сабыылаах  эбит.  Мин
        хайдах тохтоторбун билбэт киһи: «Ийээ, тахсан ааны ас!» —
        диэн  хаһыытыы-хаһыытыы  дьиэ  таһыгар  эргийэ  сырыттым.
         Ийэм  көрүөҕүнэн-көрбүт:  «Туох  буоллуҥ?»  —  дии-дии,
        түргэн үлүгэрдик ааны аһа оҕуста. Мин аны дьиэм тула айан-
         наатым.  Ийэм  эрэйдээх  кэннибиттэн  сүүрэн  иһэр,  хайдах
        тохтотуоҕун  билбэт.  Чэ,  синэ  биир  дии  санаан  бараммын
         мопеппыттан  ыстанап  кэбистим.  Онтон  хайыахпыный,  тэгг-
         нэһиэм  дуо,  мопедпын  анньан  суккураан  оскуолаҕа  кэллим.
         Ийэм  да,  аҕам  да  «бу  туох  быһыыланныҥ?»  диэн  сэмэлээ-
         бэтэхтэрэ.  Кэлин  санаатахха,  ийэм  төһө  эрэ  аҕабар  кэпсээ-
         тэ?! Төһө эрэ күллүлэр.
           Үһүс түгэним. Уоннаахпар, төрдүс кылааска үөрэнэр дьыл-
         бар,  бэйэбит  кинигэлэрбитин  уонна  оскуола  бибилэтиэкэ-
         титтэн  сааспар  сөптөөх  литератураны  ааҕан  бүтэрэн  баран,
         хантан  эрэ  өссө  кинигэ  булан  аахпыт  киһи  дии  сырытгах-
         пына  аҕам:  «Оо,  Амыдайга  элбэх  да  кинигэбит  сытар»,  —
        диэтэ. Мин: «Аҕаа, баран аҕалыьгм», — диэн турдум. Төрөп-
         пүттэрим  иккиэн  барарбын  көггүллээтилэр.  Кулаачыкап  Уй-
         баан  диэн  Чычымахха  собус  соҕотох  суоппар  баарыгар  тии-
         йэммин  миигин  Ытык  Күалгэ  таһаарарыгар  кэисэтгим.  Алта
         көстөөх  суолга  Үтэ  көлүйэҕэ  хонон  айаннаан  оройуон  кии-
         нин  булбуппут.  Онтон  хайдах  Победаҕа  тиийбиппин,  ким
         онно аҕалбытын отой өйдөөбөппүн. Аҕам: «Победаҕа Захаров
         Арамааны  булаар,  кини  Амыдайга  тиэрдиэҕэ»,  —  диэбитэ.
         Ол Победаттан уон сэттэ биэрэстэлээх Кулукуоскайдар олох-
         торугар — Амыдай алааһыгар — үйэбэр үктэнэ илик этим.
           Ампаарга  баар  кинигэлэри  бэрийэн,  сыарҕабар  тиэйэн,
         син  Ытык  Күөлгэ  аҕалбытым.  Кэлин  ийэбиттэн  хаста  да
         ыйыппытым  «хайдах  10  эрэ  саастаах,  дьөрү  олбуоруттан  да-
         ҕаны тахсыбатах кыыс оҕону итиччэ ыраах соҕотохтуу ьгытан
         кэбиспиккитий?»  —  диэн.  Ийэм  эрэйдээх  саҥата  суох  баран
         хаалыталыыра,  онтон  ыксаатаҕа  буолуо  «Биһиги  оччолорго
         эйиигин улахан оҕо курдук саныыр этибит» диэбитэ. Аҕабыт-
         тан  толлон  ыйыппатаҕым  буолан  баран,  «бэйэтин  кыаҕын
         оҕо  бэйэтэ  билиниэхтээх»  диэбитэ  буолуо  диэн  сүрэҕим  сэ-
         рэйэр. Онон кини оҕо баҕатын самнары охсубакка, эн кыай-
         баккып  диэн  сүнньүн  тоһуппакка  ииппитэ,  кэлин  миэхэҕэ
         улахан  төһүү  буолбута.  Бэйэм  хоннохпунан  дьыалалары
         оҥорорбуттан буолуо да буоллар туох да үлэни, үөрэҕи, олох
                                                               215
   212   213   214   215   216   217   218   219   220   221   222