Page 213 - Өксөкүлээх Уола 2009 223стр
P. 213
килбигиттэн муҥатыйар этэ: «Наһаа үөрэбин, наһаа махта-
набын. Ол үөрүүбүттэн бөтө бэрдэрэн сатаан махтал тылбын
эппэппин», — диэн.
Аҕам ити хаачыстыбалара — Кулукуоскайдар хаачыстыба-
лара буоларын архыып докумуоннарытган, эһэм уонна Оон-
ньуулаах Уйбаан туһунан ахтыылартан ааҕан билбитим.
Толкуйдаан көрүөҕүҥ эрэ. Өксөкүлээх Өлөксөй суруйуу-
лара хайдах курдук дириҥнэрий, дьүһүнэ-бодото хайдах кур-
дук нүһэрий! Оттон бэйэтэ, ити адьас аҕам курдук, дьоҥҥо
сүрдээх аламаҕай, оҕону кытта оҕо, кырдьаҕаһы кытга кыр-
дьаҕас, кыыһьграр диэни билбэт, сөбүгэр соҕус күлүүк, иэмин-
дьаамын дьоҥҥо көрдөрбөтөх, дириҥин тургутгарбатах киһи
эбитэ үһү. Ити биирэ.
Иккиһэ. Аҕата артыыс киэнэ уһулуччулааҕа, аатырбьгг-
сураҕырбыт ырыаһыт, сүүрэн дьоҥҥо ситтэрбэтэх, хапсаҕай-
даан сири булбатах, саахыматгаан, дуобаттаан иннин биэр-
бэтэх эр киһи кылааннааҕа этэ. Ити талаанытган барытыттан
оҕотугар Реаска эмиэ бэрсибит. Бэрсибит иитэр-үөрэтэр дьо-
ҕуруттан, олох ыарахаттарын туоруур күүһүттэн. Дэлэҕэ ки-
һиэхэҕэ эрэ тиксибэт, муҥура суох уһун 61 сыл тухары,
тойон-хотун уонна киһи соччо аахсыбат дьонун өттүттэн
үөҕүүнү-түрүйүүнү, сойуолааһыны тулуйан, бар дьон убаас-
табылын, Өксөкүлээх уола диэн харыстабыллаах сыһыаннарын
махталлаахтык уонна сэмэйдик ылынан, Оксөкулээх уола буо-
лар ньулуунун да, аһыытын да этинэн-хааҥынан билэн бэйэ-
тин олоҕун эркээйитин эдэриттэн тэллэҕэ. Билбитэ кини ай-
мах-билэ быстыытын, уон икки сааһыттан төгүрүк тулаайах
хаалыыны, ол быыһыгар хаайыыны-тутууку.
Кулукуоскайдар хааннара бэриллэн, кини мээнэ киһи тэҥ-
нэспэт, бүлгүрүйбэт сүрүннээҕэ. Бэйэтин ыар санаатын,
ыалдьар ыарыытын кимиэхэ да көрдөрбөт, биллэрбэт этэ.
Биһиэхэ ким да туһунан куһаҕаны эппэккэ, хомолтотун бил-
лэрбэккэ бу дойдуттан барбыта. Ол эрээри тулуурутган аас-
таҕына, тууйуллуннаҕына, мунчаардаҕына дууһатын ис кис-
тэлэҥин дневниккэ сурунар эбит. Габышев диэн киһи, мал-
ларын-салларын, таҥна сылдьар таҥастарын конфискация-
лаан, ийэбин икки кыһыл оҕону кытта Аллаах Үүн суолун
тутуутугар барарыгар күһэйэн баран, аҕам тоҕо итинник бы-
һаарбыттарын ыйыталаспыт суругар “Кулукуоскай сытаан
кордөспөккүн. Көрдөһөрүҥ буоллар биир эмэ этэрбэһи хаал-
ларыам этэ,”—диэн эппиэттээбитин аҕам архыыбытган бул-
бутум. Ол дьэ кырдьан баран, сир түннүгэ буола сатаабыт
киһи оҕолорун санаатаҕа буолуо, туох да диэн бу киһи туһу-
пан саҥарбат, аҥардастыы төрүт чугаһаабат этэ. Мин бэйэм
и* 211

