Page 68 - Өксөкүлээх Уола 2009 223стр
P. 68

Семен  Данилов.  Өксөкүлээх  Өлөксөй  туһунан  суруйар  сүр-
   дээх  уустук.  Бэрт  уһун  кэми  хаппыт  мөккүөрдэр  бөҕөлөр
   мөҥүрэһэн  ааспыттара.  Билигин  даҕаны  ол  дуораана  онон-
   манан  охсуллан,  историк  учуонайдары  олоппосторуттан
   өгдөҥнөтөр гына атах аннынан аргыйбахтаан ылаттыыр. Арай,
   уус-ураннык  ойуулааһын  оҥоһулла  шшк.  Биһиги  билэбит
   Абай,  Хамза  туһунан  хайдахтаах  сүүнэ  айымньылар  айыл-
   лан,  бутүн  советскай  ааҕааччы  итии  биһирэбилин  ылан
   сьыдьалларын!  Реас  Кулаковскай  аҕатын  туһунан  бэйэтин
   санаатын  этэн  хайаан  да  суруйуохтаах.  Нуучча  литература-
   тыгар  аҕаларын  туһунан  суруйбут  роман,  сэһэн  айымньылар
   аҕыйаҕа  суохтар.  Реас  Кулаковскай  элбэх  дьон  ахтыылары-
   гар  тирэҕирэр.  Аҕатын  киһи  быһыытынан  көрдөрөргө  кыһа-
   нар.  Кини  суруйуута  тус  бэйэ  көрүүтүн  быһыытынан  Өксө-
   күлээх  Өлөксөй  туһуиан  хойут  суруйуохтаах  хайа  эмэ,  ман-
   ныкка  дьоһуннаахтык  ылсыахтаах  киһиэхэ  олук  охсон  биэ-
   рэр суолтаны ьшыахтаах. Реас Кулаковскай бу үлэтигэр уонча
   сылын  билиҥҥитэ  биир-биэс  харчы  төлөбүрэ  суох  ууран
   биэрдэ.  Үгүс  сырата-сылбата  барда,  сылайда-сындалыйда.
   Оттон  үлэ  түмүктэниэхтээх,  бу  туһугар  билигин  даҕаны
   утуйар  уутун  уйгуурдан,  санньптан  түспэт  сүгэһэр  гынан
   сылдьар. Дьэ, кырдьык, үлэлэммиг үлэ сииккэ сиэлии, хаарга
   хаамыы буолара сатаммат. Бу булт сонорун тэҥэ.
      Мантан  сиэттэрэн  мин  Реас  Кулаковскай  «Киһи  доҕоро»
   диэн  сэһэнин,  суруллубут,  итиэннэ  бэчээттэммит  айымньы-
   ларыттан урутаан, ахтыахпын баҕарабын.
      «Киһи доҕоро» сэһэн — суруйааччы биир табыллыбыт ай-
   ымньыта.  Манна  Кэрэмэс  диэн  булчут  ыт  туһунан  кэпсэнэр.
   Булчут  киһиэхэ  эрэллээх  доҕор  үчүгэй  ыг  буоларын  бары
   билэбит. Кэрэмэс — иччитин Бүөтүрү булт соноругар сылдьан
   быстарбытын,  киһини  сирдээн  аҕалан  быыһатар  өйдөөх  ыт.
   Бу маннык ыт туһунан өссө «Тиит төрдүн аайы — Чооруос-
   тар» диэн сэһэҥҥэ ахтыллан ааһара баар. Онно этиллэр:
      «Эн маны өйдөө. Былыр биһиэхэ Мохсоҕол диэн моойто-
   руктаах  хара  ыт  үөскүү  сылдьыбыта.  Сарсыарда  аайы  дьиэ-
   бит  ааныгар  кзһиитин  куобаҕы,  куртуйаҕы  эбэтэр  куһу  аҕа-
   лан ууран баран, бэйэтэ бу мөлбөйөн сытаахтыыр буолар ээ,
   биэбэккэм.
      Оттуу  сырыттахпытына,  отуубутугар  булду  таһара  Нам-
   мара халдьаайытыттан куртуйах оҕотун көтүтэн, намтаан эр-
   дэҕинэ, өрө ыстанан хабан ылара ээ», — диэн Өлөксөй быһа
   түһэн кэпсии охсон ылар.
      Мохсоҕолу алаас ыаллара кустатан, куобахтатан туһанаах-
   таабытгара аххан диэн Кэчииккэ тыльш түмүктүүр», — диэн.
   66
   63   64   65   66   67   68   69   70   71   72   73