Page 96 - Өксөкүлээх Уола 2009 223стр
P. 96

таҥара,  сүгүрүйэр  айыы  диэн  баар  эбит  буоллаҕына,  киниэ-
          нэ  үҥэр  таҥарата  сүгүрүйэр  үрдүк  айыыта  —  айылҕа,  аан
          дархан  айылҕа  этэ.  Кини  саныырынан  улуу,  муударай  айыл-
          ҕаҕа  туох  да  омсо,  ордук-хоһо  суох,  барыта  орун-оннугар,
          бэйэ-бэйэтин  толорсор,  ситэрсэр,  хардарыта  сибээстээх,
          быстыспат боҕө тиһиликтээх. Ону кэстэххэ, ол сибээһи быс-
          тахха,  айылҕаҕа  улахан  хоромньу  оҥоһуллар,  иэдээн  да
          таһаарыллыан  сөп.  Кэлтэччи  куһаҕаны  эрэ  оҥорор  харамай,
          үөн-көйүүр  даҕаны  суох  диирэ.  Холобур,  кини  этэрэ,  эһэни
          киһи үксэ кутгаллаах адьырҕанан ааҕар, дьиҥинэн эһэ өйдөөх,
          көссүө  кыыл,  аар  тайҕабыт  баһыльҥа,  ыраахтааҕыта.  Киһиэ-
          хэ  куһаҕаны  оҥорор  да  буоллаҕына,  ол  төрүөтүнэн  мэлдьи
          кэриэтэ  киһи  буолааччы.  Дьаалатынан  сылдьан,  туох  да
          сылтаҕа  суох  киһиэхэ хаһан  да саба  түспэт,  төттөрүтүн  куо-
          тар,  саһар.  Бэйэтин,  эбэтэр  оҕолорун  көмүскээн  эрэ,  киһиэ-
          хэ  кутталлааҕы  оҥоруон  сөп.  Оттон  бөрө  чөллөй  эт  эрэ
          аһылыктаах,  сиэмэх  адьырҕа.  Ол  эрээри  кини  даҕаны  айыл-
          ҕаҕа  ылар  миэстэлээх,  сорох  өттүнэн  кырата  суох  туһаны
          аҕалар. Кини, эмиэ суор курдук, сиргэ-тыаҕа көнньүнэн өлбүт
          кыыллар өлүктэрин сиэн, айылҕаны ыраастыыр.
             Ити курдук айылҕаҕа туох барыта, кыратыттан улаханыгар
          тиийэ  бэйэтэ  ылар  миэстэлээх,  туһалаах  да,  куһаҕан  да
          өрүттэрдээх.  Хардарыта  дьайсыы,  дьүөрэлэһии  улуу  сокуо-
          на айылҕаны тутан турар. Итинник санаалары Реас Алексее-
          вич тылынан этэри таһынан, уус-уран айымньыларыгар айыл-
          ҕа  харыстабылын  идеяларын  кытта  дьүөрэлээн  киллэртиирэ.
          Кини  бэйэтэ  дьинтгээх  айылҕа  оҕото,  быыкаа  эрдэҕитгэн
          оту-маһы,  көтөрү-сүүрэри  кытта  доҕордоһон  үөскээбит  киһи
          этэ.  Бороҕоҥҥо  олорон,  бултуу,  сүөһү  көрдүү,  ханнык  да
          билбэт  сирдэригэр,  урут  сылдьыбатах  тыатыгар,  онон-манан
          сэрэйэн быһыта түһүтэлээн сылдьара, тэйиччи даҕаҥы тыым-
          пыларга,  араас  дүөдэлэргэ  тиийтэлээбит  буолара.  Биирдэ  да
          муммат  этэ.  Ону  дьиктиргээн  ыйыттахха,  күлэ-күлэ  этэрэ:
          «Саха  киһитэ,  тыа  олохтооҕо  буоллаҕым  дии.  Ханнык  баҕа-
          рар  тыаны  бэйэм  төрөөбүт  ьгырым  кэриэтэ  саныыбын.  Уон-
          на,  хайа  бу  бэйэлээх  улуу,  киэҥ  эбэҕэ  олорон,  кини  тулаты-
          нааҕы сирдэргэ киһи хайдах мунуоҕай, хайдах туһаайыытын
          сүтэриэҕэй.  Араас  от-мас,  сир-дойду  бэйэлэрэ  ыйа,  кэпсии
          турдахтара эбээт».
             Биирдэ  оонньуу  кэриэтэ:  «өскөтүн  наада  күһэйэрэ  эбитэ
          буоллар,  сайыҥҥы  кэмҥэ  бу  Бороҕонтон  Ытык  Күөлгэ
          ыҥыыр  атынан,  кимтэн  да  ыйдарбакка,  бэйэм  билэрбинэн
          айаннаан тиийиэм этэ» диэн.
            Сыллар ааһан испитгэрэ. Степан Гаврильевич «Лена» совхоз
         94
   91   92   93   94   95   96   97   98   99   100   101