Page 104 - Оло5у таптаа Реас К
P. 104
Уһугуннахпына, атым, суол кытыытын отун кирднэлйи-
кирдиэлии, аа-дьуо хааман иһэр буолар. Итинник
дьаабыланан айаннаан иһэммин биирдэ, үс туман,
түһэн, иин иһигэр киирбит курдук, түбэ баҕайы үрүйэ
сир баһыгар тохтоотум. Куобаҕы кэпсииллэрин кур-
дук барыттан бары куттанан быллыгыраан, аппын
хотуур отунан аһатан, от тэлгэтинэн утуйардыы сыт-
тым. Ороспуонньуктар кэллэхтэринэ, суһаллык куо-
тарга бэлэмнэнэммин утуйар таҥаспын туһамматым.
Тыбыс-тымныы, уу-чуумпу. Арай, атым тииһин тыа-
һа, барыттан «саһан» кирийэн сытар киһи иһиттэхпи-
нэ, соруйан мин баарбын биллэрээри гынардыы, ки-
тиэркээн туран кибирпиир. Дөксө, эбиитин эттээх
сиргэ тэп диэбиттии, тыбыырбахтаан ылаттыыр. Мин
ол аайы этим тымныйбахтыыр.
Дьэ ити сыттахпына, эмискэ, ыга баттаан турар
ыас-хараҥа ортотугар киһи көхсүн этиттэ да, атаҕын
тыаһа субу сирдиргээн тиийэн кэллэ. Мин, били куо-
туох буолбут киһи, көхсүбүнэн окко ыга түһэн, тэллэх
оппунан саба тардына сатааммын, уҥуоҕум халыр-
босхо баран, тыьгммакка да иһийэн, кирийэн сыттым.
Киһим соһуйбуттуу:
— Но, ат турар дуу?—диэтэ уонна мин аппып
кэннинэн эргийэ хааман күрүө үрдүнэн түһэн, миигит-
тэн иҥиннэ. Мин киии хаамар атаҕын тыаһын эрэ ис-
тэбин.— Кэпсиэ эрэ, доҕоор,— диэн, миэхэ туһаайан
эттэ быһыылаах. Куотар сирим суох буолла, эр хаам-
мын киллэринэммин олоро түстүм, тоҕотун бэйэм да
билбэтим, турдум.
— Су-уох,— диэн хоруйдаатым.
— Хайа, доҕоор,— киһим соһуйбут курдук тутуи-
на,—<бу хантан иһэҕин?
— Тааттаттан.
102

