Page 43 - Оло5у таптаа Реас К
P. 43
«АҤЫР БАҔАЙЫ...»
Мин аҥыр буолан хаалбыппын. Тойон Мү-
рү ханайар-хаба ортотугар баар улахан арыы кы-
тыытыгар хомус быыһыгар олоробун. Аччыктаабы-
тым диэн — айыы муҥа, ууну одуулаһабын. Мунду
балык үөрэ хараара устан, өрөҕөлөрө кылбаҥнаһан,
миигиттэн бэрт ырааҕа суох сиргэ көстөллөр да, кэ-
лиэхчэ кэлбэттэр. Мин кинилэри көһүтэн, төрүт хам-
саабакка, хомус курдук буолан, хоноллон олоробун.
Дьэ эрэй диэтэҕиҥ! Арааһа, мин мундуну бултуур
ньыманы билбэппин быһыылаах.
Оҕо эрдэхпинэ оҕонньоттор: «Аҥыр бадарааны
көбүтэр. Онно мустубут мундулары кыайар»,—диир
буолаллара. Мин ону санаан, атахпынан бадарааны
булкуйдум. Онуоха мундуларым сонно тута саба
сырсан кэллилэр. Мин биири хабан ыларга бэлэмнэ-
нэн эрдэхпинэ, уу тыаһаата да, мундуларым элэҥ-
нэһэн, баран хааллылар. Этим тардан, кэннибин
хайыһа түстүм. Онтукам киһи эрдэхпинэ бэркэ би-
лэр уолум тыынан устан сыйбаардан субу иһэр эбит.
Мин, тоҕо эбитэ буолла, тумсубун өрө ньолотон, хал-
лаан диэки хантайан, хамсаабакка олоробун. Уол
хомус диэки сүр баҕайытык көрөр да, миигин боруп-
пата, ааһа турда. Мин, ону-маны саныах курдук
гынан эрдэхпинэ, эрдии тыаһыттан күрэммит мунду-
лар эмиэ элэҥнэһэн тиийэн кэллилэр. Биир үөдэн
адьас, анныбар кэлэн, хайыыта аппаҥныы, айаҕа
41

