Page 38 - Оло5у таптаа Реас К
P. 38

Балайда ыраатан иһэн иһигэр: «Көр эрэ, ити кө-
      лүөһэ иһигэр ааттаах кытаанах борөбулуоха баар
      буолуохтаах ээ,— дии санаата.— Ылан туһах гыммыт
       киһи. Быйыл куобах бөҕө үөскээн эрэр. Хор, улахан
      наадалаах көлүөһэ сытар эбит ээ. Таах бөх буолан
      сытыаҕынааҕар, оттон мин харайдахпына? Кыыһы-
       рыахтара дуо? — Тохтоото. Кэтэҕин тарбанна.—
      Кыыһырыахтара даҕаны. Эс, кэбис, саҥа-иҥэ буола
       сылдьыа,— сапсыйан кэбистэ, эргилиннэ,— улахан
      сиэтин. Сыппыт сэп сыттын»,— диэн мучумааннана
      түһэн баран, дьиэлээтэ. Ол эрээри «элбэх үчүгэй ту-
      һах тахсыах этэ. Аны күһүн хантан булан туһахта-
      ныамый? Арааһа, ылымына сыыстым ээ. Аны ким
      эмэ урут ылан кэбиһиэ» диир санаата ааһан-арахсан
      биэрбэккэ муҥнаата.
         Аламай маҥан күн кылахаччыйа тахоыыта, Уйбаан
      уһукта биэрдэ. Уһуктарын кытта эмиэ били саныыр
      санаата өйүгэр көтөн түстэ. «Ээ, үөдэн баҕайытын.
      Хата, сөпкө эрдэ уһуктубуппун. Бэйи, чэ, аһыы охсон
      бараммын, тиийэн дьон кэлиэн-барыан иннинэ, тыаҕа
      төкүнүтэн кэбиһиэм уонна үлэбиттэн эрдэ төннөн
      иһэн, үлэлэһэн көрүөм» диэн быһаарынна. Электри-
      ческэй билиитэҕэ туруорбут чаанньыга Уйбаан суунан
      бүтүүтэ оргуйан биллигирээбитинэн барда. Күн ситэ
      уоттана илигинэ Уйбаан аһыы-сии охсон, тиэтэйэ-саа-
      райа хааман, тумул тыаны быһа түһэн, гаражка
      тиийдэ.
          Баллона оннугар сытар эбит. Төгүрүгүн иһигэр
      будьурхай бэйэлээх эрбэһин үүнэн лөглөйөн тахсыбыт.
      Баллона, «бачча эрдэ миигин тырыта сынньа кэллиҥ
      дуу? Үйэм туолбут муҥа эбит буоллаҕа. Оо, өлүү
      эбит! Чэ, хаһан да хайыахпыный, хайдах дьаабылыы-
      гын, көҥүлүҥ, улуу күтүр» диэбиттии эрилийэн, кут-
      36
   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42   43