Page 39 - Оло5у таптаа Реас К
P. 39

танан, күп-күөҕүнэн көрө сытар күтүр улахан хараҕы
     санатта. Уйбаан ол аайы этин таттаран көрүөх бэйэ-
     лээх буолуо дуо?! Хата, киһи ылбатаҕыттан үөрэ са-
     наата уонна, тула өттүн көрүтэлээт, баллону тыа диэ-
     ки төкүнүппүтүнэн барда. Онон, кылгас гынан баран,
     кытаанах хамсаныы түмүгэр баллон сэтиэнэхтээх куу-
     ла тыаҕа, бар дьон хараҕа ылбат сиригэр, охто сытар
     мас күлүгэр төкүнүйэн тиийдэ.
        Ити күн түөртүүр ынах саҕана Уйбаан баллонугар
     баар буолла. Тиит төрдүгэр олорон табахтаата. Онтон
     дьэ үлэҕэ турунан, бастаан сүгэнэн уһаты охсуолаан
     тиҥиргэттэ да, баллон дүгдэҥэлээн биэрэн, үлэ үөтэ-
     тэ суох буолла. Онтон туора кэрдэн бардырҕатта
     уонна дьэ уһаты баран көрдө. Сүгэтэ аанньа хоппот.
     Уйбаан төһө туһах тахсыахтааҕын суоттана охсоору,
     кэрдибит сирин дьаллаччы тардан көрбүтэ: бэрт эл-
     бэх боробулуоха төбөтө кылбачыһан көһүннэ.
        — Хайа, доҕоор, сүгэм,— диэн саҥа аллайа түһэр
     уонна сүгэтин биитин көрө биэрбитэ эрбии тииһин
     курдук буолбут.— Оо, хаарыан мас кэрдэр сүгэбин...
     Бу өйүм баайыллан сиэтэхпин! — Уйбаан хаһыыра
     түһэр.— Маннык буолбут сүгэ аны тугу да хоппот
     буоллаҕа дии,— тугу да гыныан булбакка, кэтэҕин
     тарбанна. Быһаҕын сулбу тардан ылан, биитинэн эрэ-
     һиинэҕэ тута-тута, сүгэ өнчөҕүнэн саайталыыр да,
     ситэ уончатд' охсубата:
        — Оо-уу! Хаайдыан быһахпын! — дии түһэр. Он-
     тон тууратын төрдүнэн тосту барбыт быһаҕын салҕаа-
     ры гыммыт курдук, самсыы тутан көрө-көрө, ар-
     бы-сарбы буолар.— Хабырылла Былатыанап эрэйдээх
     кэриэс гын диэн охсон биэрбит бэрт сытыы быһаҕа
     этэ,— диэн баллыгыраан баран, кыыныгар уган кэбис-
     тэ уонна баллону таҥнары өҥөйөн турбахтаата.
                                                         37
   34   35   36   37   38   39   40   41   42   43   44