Page 66 - Оло5у таптаа Реас К
P. 66
Эһэ икки оҕолорун батыһыннарбытынан сылдьан,
бастаан ньургуһуннаан, хайаҕа үүнэр дьиикэй хап-
пыысталаан, кур отонноон, кымырдаҕастаан сиэн сир,
аһа тахсыытыгар тиийдэ. Онтон ыла сир аһа дэлэйэн,
уойан-тотон баран, күһүөрү киэҥ баҕайы өрүскэ
тиийдэ. Бу өрүс сындыыс хайатын дьурааларыгар
моонньоҕонунан, оттон кытыла хаптаҕаһынан баай
сир эбит. Куһаҕана, куттала диэн — манна икки
атах ураты элбэх буолан биэрдэ. Кини онтон наһаа
дьаахханна.
Кинилэр үрэххэ бастаан киирдэхтэрин түүн хапта-
ҕаһы кыайдылар. Кыайан да хамсаабат курдук буол-
лулар. Онон күн тахсыыта онно сытан кэбистилэр,
Иирэ, хаптаҕас уга хоп-хойуутук өрө анньан, сэбир-
дэхтэринэн тугу барытын кистиэххэ айылаах.
Сарсыарда күн күөрэйэ ойуута, өрүс уҥуор икки
атах саҥата олус хойунна. Эһэ ону истээт, бараары
өндөйөн, туран тиийэн кэллэ уонна кэлин атахтары-
гар олорон, уҥуортан туо>х эрэ улахан баҕайы биэрэк
бу диэки өттүгэр устан киирэн эрэрин дьиктиргээн
одууласта. Онтон дьон кытылга ыһыллан тахсалла-
рын кытта кирийэн хаалла.
Оҥочоттон икки кыыс урут ыстанан түстүлэр уон-
на, күлсэ-күлсэлэр, бөлкөй үөт диэки сырыстылар.
Кэннилэриттэн биир киһи саҥата:
— Хотуйда-ар, ханна бардыгыт? Эмиэ хаптаҕас*
тыы дуо? Бачча хойутаан бараҥҥыт уонна ардах
субу кэлээри турдаҕыҥа?!—диэн хаһыытаҥбытыгар,
кыргыттар:
— Сип-сибилигин эһигини ситиэхпит,— дэһэ-дэһэ,
күлсэ түһэн баран, талахтарын икки өттүнэн эргийэ
көттүлэр.— Пахай, маннааҕы хаптаҕаһы барыы охсон
кэбиспиттэр дии. Ортотугар киириэххэ.
64

