Page 68 - Оло5у таптаа Реас К
P. 68
— Мэхээлээ, эн итиннэ тугу үлэлэстиҥ? ИтиннзИ
чэйдээри тэринэҕин дуо?— дии-дии утары хааман
тэлбиҥнээтэ.
«Мэхээлэ» хоруйдаабата. Оҕонньор дьулайбата,
сүүрбэччэ эрэ хаамыылаах сиргэ кэлэн баран эһэтин
биллэ. Биллэ да, сопно тута хаһыы бөҕөтүн түһэрдэ,
солуурчах барахсаны үнтү сыс да сыс буолла.
Ити түүнүгэр эһэ оҕолорун батыһыннарбытынан,
икки атахтан тэскилээн, үрэххэ таҕыста.
Ыкса күһүҥҥэ диэри мэччийэ сылдьан баран,
дьиэ-уот туттарга сананна. Быйыл кини икки оҕоло-
рун бэйэтин кытта кыстатыахтаах. Онуохаҕа киэҥ ар-
ҕах наада буолла. Бастаан арҕах хастар миэстэни
көрдөөтө. Оннук бэрт тоҕоостоох сири кини сайын кө-
рөн турардаах. Онно барда. Ол үрэх куулатын чабыр-
ҕайыгар үүммүт сыҥ ойуур хонноҕор, бэрт диэн кис-
тэлэҥ сир. Икки атах ылбычча була охсон биэрбэт
буолуон сөптөөх миэстэ. Кини хайдах эмэ гынан икки
атах таба хаампатар диэн баҕалаах. Арҕаҕын өр гы-
нан хаспата, түүнүнэн бүтэрдэ. Буорун хаптатан(
көннөрү томтор курдук оҥордо, арҕаҕын иһигэр оту,
муоҕу киллэрэн күөгэччи тэлгээтэ, бүөтүн бэлэмнэннэ
уонна отонноон, сугуннаан аһыы баран хааллылар.
Кэм-кэрдии тиийэн кэллэ. Эһэ арҕаҕар, дьиэтигэр-
уотугар, тиийдэ. Оҕолорун ойуур саҕатыгар тохтотто
уонна бэйэтэ арҕаҕын тула эргийэн сытырҕаан көрдө.
Арҕаһын түүтүн адаарыччы туруоран кэбистэ. Хараҕа
уоттанна. Хаста да эргийбэхтээтэ.
Чахчы, икки атах сылдьыбыт. Кини атаҕын суола
биир сиринэн буорга биллэр-биллиб-эт гына олорон
хаалбыт. Хаарыаннаах хара көлөһүнэ хааллаҕа ити.„
Тэҥнэһиэхтэрэ дуу, тэрэһиэхтэрэ дуу, атын сиргэ
көһөргө тиийдилэр. Ханна? Саҥа хастыан — сир тоҥно-
66

