Page 73 - Оло5у таптаа Реас К
P. 73
олгуйа буолуо буоллаҕа дии,— дии охсор оҕонньор-
доро хап-*сабар.
— Андрей Иванович совхоз директора эбитэ буол-
лар, абырыа да эбит.
— Бээ, бээ, кэпсээн испиҥпин салгыым. Ити иһин
сибэкки суох буолла. Ол иһин мүөттээх салгын мэ-
лийдэ. Быһата, төроппүттэр о©олорун айылҕаны ха-
рыстата үөрэтэллэрин оннугар, бэйэлэрэ дойду кэрэ-
тин алдьаталлар. Дьиҥэр, ыччаттарга бэйэ үтүө
холобурун көрдөрөн, оҕолору айылҕаны харыстата
үөрэтиэх баара. Чэ, ити хааллын. Итини ырытыстах-
пытына, киэһэбит бүтүө. Хата, атынна кэпсэтиэ-
ҕиҥ,— Андрей Иванович дьоннорун сирэйдэрин кэ-
риччи көрүтэлээн кэбистэ.
Сылгыһыттар баһылыктара, бэрт сымнаҕас, сэмэй
киһи, күөһүгэр хааман төҥкөрдөөн тиийэн, мииииттэн
амсайда. Бөҕө-таҕа көрүҥнээх, аҕыйах саҥалаах
Сэмэнньэ диэн сылгыһыт туран, остуолун тардыбы-
тынан барда.
Аһыы олорон, Андрей Иванович эмиэ кэпсээҥҥэ
эрэҥкэдийэрин биллэрдэ. Онуоха Сэмэнньэ бил-
лэр-биллибэттик мичиҥнээн ылла уонна бэрт наҕыл-
лык Андрей Иванович быһылааннарын атын киһи-
нэн сирэйдээн кэпсээн барда. Ол мин оҕонньорум
эдэр-сэнэх эрдэҕинэ омун-төлөн буолан ууга түһүтэ-
лээбитэ, онтукатын-мантыкатын умнуталаабыта уон-
на да арааһа эбиллэн-сабыллан, дьон ортотугар кэп-
сээн буолан сылдьара үгүс ахан. Оҕонньорбут бэйэтин
таарыйтарарын төрүт сэрэйбэккэ: «Ооҕурдук. Ээ-э.
Оо, бу муҥнааҕы! Хайдах гынаахтыай?! Чэ, буолуо.
Бу сордооҕу көр!» — дэтэлээн, ол кэпсэнэр киһини
аһына олорон:
— Эс, миигин бэйэбин кэпсиир эбиккин дуу?
71

