Page 74 - Оло5у таптаа Реас К
P. 74

һэ-һэ-һэ. Ону билбэккэбин иһиллээн ахан, сэҥээрэи
           ахан олоробун ээ. Ити омуннаабыттар,— дии түстэ.
              Мин ити киэҥ-дэлэй көҕүстээх киһини, мэлдьи ми-
           чээринэн көрсөр кырдьаҕаһы, биһирии, сөҕө-махтайа,
           кини үтүө майгыныгар ымсыыра олороммун, эмискэ
           биир дьикти түбэлтэни өйдүү биэрдим.
              Саас этэ. От-мас саҥардыы тыллан, хамсыыр-ха-
           рамай үөрбүт-жөппүт кэмэ... Тыалыын, толооннуун
           бүтүннүү чыычаах саҥатынан долгуйа олорор кур-
           дуга. Ол кэрэ кэмҥэ биһиги иккиэ буоламмыт, Мүрү
           эбэ хотуну тас иитинэн эргийэ барбыппыт. Күн
           дьааһыгырыыта, Мүрү ытыска уурбут курдук кил-
           бэйэн көстөр тумулугар ТОХТОО|буППуТ.
              — Мин эйигин манна соруйан аҕаллым. Бастакы-
           тынан, Эбэ хотун мантан ордук үчүгэйдик көстөр.
           Ыл, эргиччи көрөн кэбис. Кэрэ ахан көстүү буолбат
           дуо? — диэн баран, доҕор киһим далбаатаан кэбиспи-
           тэ уонна бэрт астык хойуу куолаһынан туох-ханнык
           көстөрүн быһаарбыта.—Хайдах курдугуй, ээ? — диэ-
           битэ. — Иккиһинэн, бу сыыр аннынан, мин, оҕо эрдэх-
           пинэ, үгүстүк ынах хомуйан атах сыгынньаҕын
           тэйиэккэлээбитим ахан. Үсүһүнэн, көр эрэ ити баара-
           ҕай тиити.
              Мин кини ыйбытьгн көрө түспүтүм: икки киһи
           утарыта туран куустахтарына нэһиилэ илиилэрин тө-
           бөлөрө тиийиэх курдук суон төрүттээх, аллараттан
           ыла үүммүт наһаа баай мутуктаах тиит байбаллан
           турар эбит.
              — Итиннэ барыах эрэ,— диэбитэ киһмм.
              — Көр эрэ, бу билиитэ тааһы,— диэн баран, ки-
           һим дьиктиргээбиттии таас үрдүн кыҥастаспы-
          та.— Саҥардан биэрбиттэр дии,— төҥкөйөн туран
          72
   69   70   71   72   73   74   75   76   77   78   79