Page 78 - Оло5у таптаа Реас К
P. 78
-—Андрей Иванович, мин кимиэхэ да кэпсиэм суо-
ҕа. Бука, ол эн дьиҥнээхтик таптаабыт кыыһыҥ буо-
луохтаах. Хайа кыалларынан, төһө сатанарынан кини
дьүһүнүн-бодотун, хайдах бастаан билсэн, хайдах
таптаспыккытын барытын сиһилии кэпсээбэккин ээ.
— Тугу-тугу этэҕин?! Ээ, ол киһи уҥуоҕун этэр
эбиккин дуу? Дьэ, мускуур киһипин, доҕор. Ол КЫ1ЫС
да, дьахтар да буолбатаҕа. Эр киһи. Мин төрөппүг
аҕабын кытта эт саастыы.
Мин, таптал трагедиятын истээри чөрбөҥнүү оло-
рор киһи, хайдах эрэ уолукка астарбыт курдук буола
түстүм.
— Ол аата туох кмһинмй? Аймаҕыҥ дуо?
— Суох. Аймах буолбатах,— диэн Андрей Ивапо-
вич бэрт сэниэтэ суохтук хардарда.
— Оттон эн кэриэстээтэҕиҥ баҕас тоҕо уһунай?
Бүтүн үйэҥ устата... уһуна бэрт дии. Аһыйбыт да
киһи аһыыта ааһар кэмэ ;буоллаҕа буолуо суоҕа дуо?
— Чэ, бэйэ, мин кэпсиим даҕаны. Өлөр да чуга^
һаан эрэр ини. Ити кистэлэҥмин дьон биллинэр. Сө-
бүн биэс уонтан тахса сыл устата санныбар ыарык
буолан дьөлө сааллан сырытта. Сүгэһэри түһэрэр да
кэм буоллаҕа буолуо... Чэ, таһырдьа тахсан киирэц
баран. Сытан эрэн,— диэтэ Андрей Иванович.
Биһиги бары туох эрэ дьикти кэпсээни истэ охсоо-
ру, тахсаат, дьиэбитигэр төттөрү суксуруһан киирэм-
мит, элэс-балас туттан-хаптан сытыталыы оҕустубут!
чүмэчилэри сабыта үрүтэлээтибит.
Андрей Иванович чочумча саҥата суох сыппахтаа-
та, дириҥник өрө тыынна уонна кэһиэхтээх куолаһы-
нан кэпсээн барда.
— Ити Тыҥыраахап диэн бэрт суостаах-суодал-,
лаах баай киһи уола. Биһиги аан бастакы кинилиий
76

