Page 40 - Иван Мигалкин Үөрүүбүн тэҥинэн үллэстэбин. Делю радость со всеми. хоьооннор
P. 40

ЛИТИНСТИТУТ УОПСАЙЫГАР
        1(.( 1 .Ч '4  нмһш  Доҕотторум — Исхар,
             Субуотатааҕы киэһэлэргэ мустатлар
             Мин кыракый хоспор,

             Оҕо курдук килбигийэ
             Кэпсиэ бэйэтин дойдутун, дунган омук олоҕун.
             Көрүдьүөс тылы санаран,
             Арыт ыллаан, арыт үҥкүүлээн —
             Хайаан да күллэриэ эйигин
        >? /1 НН I 1 <1<( < (  Чугас, истин уолум молдаван Леонард.

             Сэһэммит бүтүүтэ тонсуура суох
             Көгөн түһүө Шамиль,
             Бастаан симиттэ, онгон имэнирэн
             Хоһооннорун ааҕан түмүктүө...
             Билигин истиэххит дуу, мин сэһэммин:
             Ыраах Са.хам сиригэр сэттэ чаас сарсыарда,
             Убайым  Бүөчэ, оттиэйэн, алаастан истэҕэ.
             Бээрийэтин буруотун ыраахтан көрөн,
                                          иһигэр үөрдэҕэ...
             Саха.м дьоно эрдэһиттэр,
             Үл )һит, эрчим сүрэхтээхтэр,
             Үүммүт үлэ күнүнүүн
                                күөнтэһэр күүстээхтэр...
             Өссөүгүһү кэпсиэҕи:
             «Кулгаах истэринээҕэр, харах көрбүтэ астык».
             Ынырабын —
             Ыалдьыттыы тиийиҥ,
             Саха ыалын аана аһаҕас,
             Дууһага са!1аҕас...
             1974 с., Москиа



                                ҺЧ
   35   36   37   38   39   40   41   42   43   44   45