Page 42 - Иван Мигалкин Үөрүүбүн тэҥинэн үллэстэбин. Делю радость со всеми. хоьооннор
P. 42
КЫТАЛЫКТАР ҮҤКҮҮЛЭРЭ
БААРЫН ТУХАРЫ...
Санааны сайар сахам тылыгар —
Кыталыктар үнкүүлэрэ,
Күөрэгэйдэр тойуктара баарын тухары,
)П )\> 1'ш,н,г 1
Сайынны сыралҕаны сөрүүкэтэ
Сэмэй самыыр ибирдиирин,
Төрөөбүт Мүрүбүн кылбаарда
Кыстык хаара түһэрин тухары,
Ийэлээх аҕаҕа истин махтал,
Омуннах оҕо сааска
Ахтылҕан уота кыыһарын тухары,
Дьон олоҕо мэлдьитин — тапталы,
һ п < )т'т ш иһ\1һһсһ> 1 ^
Саргылаах Сахам сиригэр ытыктабылы
Өрө туталларын тухары
Мин сүрэхпэр баар буолуоҥ Эн, —
Маннык иһирэх майгылаах,
Маннык күүстээх алыптаах,
Маннык эдэр көрүҥнээх,
Маннык нарын бэйэлээх
Мин бастакы тапталым.
1974 с., Москва
М)

