Page 19 - Е.Ф.Федоров. Уус-Алдан оройуона Сэбиэскэй сойуус Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар
P. 19

БИҺИГИ ОРОЙУОММУТ СЭРИИ
                         ИННИНЭЭҔИ СЫЛЛАРГА


                Биһиги  оройуоммут урукку Бороҕон, Дүпсүн уонна Байа-
             ҕантай  улууһун  сорох  нэһилиэктэрин  холбоон,  барыта  28
             нэһилиэктээх,  1930 сыл саҥатыгар тэриллибитэ. Ити оройуон
             тыатын  хаһаайыстыбатын  маассабай  холбоһуктааһын  бири-
             эмэтэ этэ.
                Ол  гынан  баран  оройуон  тыатын  хаһаайыстыбатын  хол-
             боһуктааһын  өссө  1927-28  сылларга саҕаламмыта.  1927  сыл-
             лаахха  Тэбиик  нэһилиэгэр  “Эйэлээхтэр”  диэн  13  хаһаайыс-
             тыбалаах  тыан  солоон  бурдук  сирин  оҥостор  табаарыстыба
             тэриллибитэ.  Ити  Дүпсүн  улууһугар  маҥнаргы  производ-
             ственнай  холбоһук  этэ.  1928  сыллаахха  Хаҥалас  нэһилиэгэр
             10 хаһаайыстыбалаах эмиэ боростуой табаарыстыба тэрилли­
             битэ.
                1929  сыллаах  сир  реформата  тыа  хаһаайыстыбатын  хол-
             боһуктааһыҥҥа  саҥа  усулуобуйаны  үөскэпиитэ,  холкуостар
             тэриллиилэрин  түргэтэппитэ.  Тэбиик  нэһилиэгэр  “Сонун
             олох”,  II  Өспөххө  -   “Дыгдаал”,  1  Байаҕантайга  -   “Тандин-
             скай”,  II  Курбуһахха “Бэс үрэх”,  1  Лөгөйгө -  “Көтөҕүллүү”,  I
             Суоттуга -  “Ала Соболоох”,  Сыҥаахха -  “Үүнүү”,  1  Өлтөххө
            -  “Сис  Аппа”,  II  Өлтөххө  “Ыйдаҥа”,  Саһылыкааҥҥа -  “Бул-
             гунньахтаах”, Хороҕо - “Майаҕас” о.д.а. элбэх холкуостар сир
             үллэһигин бириэмэтигэр  тэриллибиттэрэ. Ол эрээри оччотоо-
             ҕу  холкуостар  аһара  кыралара.  I  Суоттуга  “Көрдүгэннээх”  7,
             Хороҕо “Дьэҥкиидэ” 10,1 Курбуһахха —“Харлаайы” 10, Саһы-
             лыкааҥҥа -  “Тизорой” 6,  I  Бэрт-Ууһугар -  “Чирэпчи” -  9 эрэ
             хаһаайыстыбалаах этилэрэ. Итинник холкуостар элбэхтэрэ.
                Оройуоннай  партийнай  тэрилтэ,  “Холбоһуктааһын  тиэм-
             пэтин уонна судаарыстыба холкуостаах бааһынайга көмөлөһөр
             дьаһалларын  туһунан”  1930  сыллаах  тохсунньу  5  күнүнээҕи
             БСК  (б)П  КК  уурааҕынан  салайтара  туран,  оройуон  тыатын
                                                                  15
   14   15   16   17   18   19   20   21   22   23   24