Page 198 - 2-с Легей нэьилиэгэ
P. 198
-с легой_ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _
12. Габышев Зосим Харитонович
13. Данилов Иван Николаевич
14. Троева Елизавета Алексеевна
Оччотооду сэрии сылларын аас-туор олохтоох одолоро улахан кийини кытары
тэн'ьгэ, икки хараьганы тэьгнээн, еребул, быраайынньык диэбэккэ улэлиирбит.
Танас-сап туох кэлээхтиэй, куобах тириитэ баар буолан, ол тириини онно-манна
сэлбийэн тигэн тыыннаах ортохпут буолуо. Оччотооду дьон-сэргэ тейе да сэрии
ыарахаттара хам баттаатар ытыы-сонуу, мутгатыйа сылдьыбат этилэр. Кыайыы буо
луо, дьоммут эргиллиэхтэрэ, дьоллоох олох кэлиэ диэн бигэ эрэллээх этибит.
Кемус Ньукулай
Данилов Николай Иванович эдэригэр олус улэйит, бары улэни кыайа-хото ту
тан улэлээбит кийи. Ол курдук, «ыаллар булуустарын адыйах кун хайан бутэрэрэ,
кийи буорун биир кун хайан кэбийэрэ» диэн оччотооду уелээннээхтэрэ кини
кыайыылаадын бэркийээн, уос номодо оностон кэпсииллэрэ. Кини тейе да улэни-
хамнайы кыайа тутан улэлээбитин ийин, дьаданы кийинэн аатырара.
Ньукулай туерт кырыылаах курдук хальпг киппэ керун'нээх, теп-текунук ча-
дылыччы кербут бултэдэр харахтаада. Кэргэнэ эдэр саайыгар эрдэ елен, сэрии кэ
мигэр да саастаах кийи, оччотооду кыйалдалаах олох эрэйин энээринэн тыыран
олорбута. Кыра уолун Иваны, улахан уолун одотун Кешаны иитэн, керен-харайан,
уерэх сырдык аартыгыттан матарбакка уерэттэрэн адалбыт утуелээх кырдьадас.
Ол эрэ буолуо дуо, «Калинин» холкуоска хоргуйан елуу тахсыбатадар, Ньукулай
одонньор олус улахан утуелээх. Бийиги хороччу улаатан эрэр, хоргуйан нэйиилэ
сылдьар одолору, улахан да дьону, батыйыннара сылдьан аска, эмкэ туйаныллар
уунээйилэри кердерере, туохха туйанары, ханнык сиртэн кэрдэри, хомуйары, хата-
рары кэпсиирэ. Араас от симэйиниттэн: бэс, тиит субатыттан, о.д.а. астары хайдах
бэлэмниири уонна сиири уерэтэрэ. Тымныйдахпытына, ыалдьан хааллахпытына
отунан-майынан эмтээн утуердэрэ.
Ньукулай одонньор мин адабыныын бэйэлэрин мутугунан бырадар мунур уйэ-
лэригэр ыкса ыаллыы, уерууну-хомолтону тэнтгэ уллэстэн олорбуттара. 1942 с.
хаар туспутун кэннэ биир сарсыарда, мин 14—15 саастаах уол одуйу миинэн, кини
сыардада олорон, Хомустаах диэн сиргэ кунус тиийдибит. Одонньор молук курдук
элэйбит тэрэгэр сугэтин ун а илиитигэр тутан, хойуу бэс тыа быыйынан баран ийэн,
миигин уерэтэн такайа истэ. «Маннык хойуу бэс чагдаттан майы кэппэт бадайы,
хатырыга хальпг, субата чараас буолааччы». Бийиги урут бэс субатын сиэбэт этибит,
онон билбэт буоламмын, «тугу-тугу этэрэ эбитэ буолла» диэн саныы, одонньорум
кэнниттэн одуспун сиэтэн истим. Биир сиэрдийэ курдук уйун синньигэс, тебетугэр
бэрт адыйах мутуктаах бэс титириккэ одонньорум тохтуу тустэ уонна уейэ диэки
хантаарыннаата, бэйин туда хаама сылдьан чинчийдэ, керде-ийиттэ уонна эттэ:
«Тоойуом, Хабычча, кун ол онтон тахсар, манан киирэр. Кер эрэ, онтон бу турар
сирбит урдук, убадас мастаах, чагда диэн ааттанар. Маннык сиргэ бу майы кун
тахсыадыттан киириэр диэри туда эргийэ сылдьан тыгар. Ол ийин ис субата халын',
айа элбэх буолар. Маннык сиртэн кэрдэр куолу», — диэтэ. Ити титиригин кэр-
дэн суулларан туйэрдэ уонна эттэ: «Кер эрэ, бу тердуттэн хара хатырык бутуутэ,
сайархай хатырык садаланар», — диэтэ. Ол эппит сиринэн быйа одуста уонна онтон
2 миэтэрэ холобурдаах мутуга суодун эмиэ быйа охсон ылла. Ити курдук, сорох бэс-
тэн икки уерэдэйи, сорохтон биири кэрдэн одуспут сыардатын сотору содус толору
тиэйэн, дьиэбит диэки тенуннубут.
Кун номнуо киирэн харан'арбыта. Бэрт ер айаннаатыбыт. Унуохтара аадылла
кесте сылдьар ырыган одус айадын тыайа сотору-сотору чымырдаан, туот-мулук кур
дук элэйбит атадын туйахтарынан чоочугураччы уктээн, ыкса киэйэ бийиги олорор
Харагга Терде диэн алааспытыгар кэлбиппит. Адам уонна эдьиийдэрим уерэ-кете
керсубуттэрэ. Адам хайан эрэ сан'а ыал буоларыгар булуммут, бэркэ диэн харыстаан
196 III туИумэх

