Page 4 - Кылгастык ого сааьым туьунан
P. 4
Ахсым үйэлэри уҥуордаан
дыалааһын буолбата, миигин ийэм тутан ылла уонна: «Аны оннук
буолуоҥ дуо, аны киһи тылын истиэҥ дуо, таҥара аһын тибиириэҥ
дуо?» - дии-дии ыҥыыр төргүүтэ тирбэҕэнэн таһыйан куһурҕаппы-
тын бэҕэһээ курдук өйдүүбүн. Мин ол күн оһох кэнниттэн бэттэх
кэлбэтим. Киэһэ аҕам кэллэ.
- Били бэдик ханна барда, дьэ бүгүн таҥара аһын тибиирэн
дьоҥҥо түһэн биэрдэ. Аҕабыт оҕону таҥараҕа тиксэрбэккэ дьии-
кэйдик ииппиккин диэн мөҕүү бөҕөнү мөхтө. Дьэ, ханна барда, аҕа-
лыҥ манна, ээҕин этитиэххэ, - диэтэ аҕам. Дьэ мин буруйум эмиэ
күөдьүйэн турда, иккиһин таһыллар куттал суоһаата.
- Чэ бэйи, тохтоо. Бүгүн бэйэтэ да сөбүн буруйданна, дьүүллэннэ
- диэтэ ийэм. Дьэ, ол буруй ити курдук ааспыта.
Кэлин мин дьонум кинилэр бэйэлэрин кыыстара Ааныскаттан
биир уол оҕону ылан ииппиттэрэ. Сааба диэн ааттаабыттара. Саа-
баны мин оҕолообутум. Мин Саабаттан 11 сыл аҕа этим. Саабаны
биэстээх-алталаах буоларын кытта батыһыннара сылдьарым. Кини
кыра да буоллар, наһаа тапсан оонньуур этибит. Оччолорго биһиги
олохпут олус чуҥкук этэ. Эдэр оҕо киһи аралдьыйара туох кэлиэй,
чугас дэриэбинэ, бөлөх ыал да суоҕа. Биһигиттэн биир көстөөх
Дүпсүн таҥаратын дьиэтэ баара. Таҥаралар буоллахтарына тахсан
куолакал тыаһын иһиллиирбит - былыта суох ыраас халлаан буол-
лаҕына кыратык иһиллэр, оччоҕо улахан сонуну истибит курдук
буоларбыт. Ый баһыгар-атаҕар хоноһо хонноҕуна сэргэхсийэрбит.
Бөҕө Бүөтүр бииргэ үлэлиир табаарыһа мае ууһа Лэкээрин Бүөтүкэ
хоно кэллэҕинэ биһиги үөрэрбит. Кини бэрт элбэх кэпсээннээх, сэ-
һэннээх киһи этэ. Биһиги кини кэпсиирин истэн айаҕар эрэ киирэн
барбат этибит.
Сааба кыра сылдьан эбэлээх эһэтигэр эмиэ улахан буруйу оҥор-
бута. Ол маннык этэ. Мин биирдэ сайын күөлтэн уу баһан тахсан
истэхпинэ уолум ытыы-ытыы утары сүүрэн кэлэн миигин кууһа
түстэ. «Туох буоллуҥ?» — диэтим. «Эһэм таһыйда», — диэтэ. Ол
маннык эбит. Сааба эһэтэ сүөһүнү сүүскэ охсон өлөрөрүн көрөрө.
Ону үтүктэн ампаар иһигэр муннукка тымтайга хааланан турар мы-
тыылканы ылан туруора-туруора баһымньынан үнтү охсон испит
уонна чабычахха мунньуллан турар куурусса сымыытыттан сүүр-
бэ сымыыты үнтү сыспыт. Ону тутан эһэтэ тирбэҕэнэн таһыйбыт.

