Page 57 - Поэзия күнэ
P. 57
Оҥоһуулаах уйалаахтар,
Эт диэн эгэлгэтинэн,
Балык диэн бастыҥынан,
Куруппа хойуутунан
Уҥуох бурдугунан
Тууһаан-тумалаан,
Тупсаран-ыпсаран,
Астаан-үөллээн
Аһаталлар эбит.
Дьэ доҕоттоор,
Кырымахтаах саһыллар
Кылааннара кылбайарыгар,
Толбонноох түүлэрэ
Тупсарын туһугар,
Сайдыылаах үйэ
Саҥа ньыматынан,
Сахабыт сиригэр
Сайыннаран иһэллэр эбит.

