Page 62 - Поэзия күнэ
P. 62

СТЕПАН  ТИМОФЕЕВ

                        Дьокуускайым  оҕото

                           Дьокуускайым  оҕото
                           Дьороһуйа  Маарыйа,
                           Дьоһумсуйа  туттубут
                           Дьоҕустуура  бэйэкэҥ,
                           Дьоруоҥхайдыы  дугунар
                           Дьороҕоно  сотокоҥ,
                           Дьолуо  маҥан  да  бэйэҥ
                           Долгутаахтыа  диэхтээмэ.

                           Дьокуускайым  050Ю
                           Дьороһуйа  Маарыйа,
                           Дьоруо-дьоруо  аттары
                           Доҕулдьута  муоһалыы
                           Долгун  оту  кыртарар
                           Дьовус  кэрэ  бэйэҕин
                           Долгуйаахтыы  көрдөрбун
                           Дьоллоноохтуо  этим  мин
                           Дьокуускайым  оҕото
                           Дьороһуйа  Маарыйа,
                           Ыллыыр-туойар  ыччаттаах
                           Ыраах-чугас  колхоһум
                          Ыраас-чэбэр  фермэтин
                           Ыанньыксыта  буолларгын,
                           Ылааҥыгык,  сылаастык
                           Ытырбахтыа  сурэҕим.
                                    60
   57   58   59   60   61   62   63   64   65   66   67