Page 73 - Untitled
P. 73

Быраатым  кыыһа  Василисаны  Эдьиий  Маайаҕа  майгынныыр
        диэн ордук сөбүлүүр.
           Биһиги Эдьиий Катялыын билигин да сибээспитин быспап-
        пыт, куруук төлөпүөнүнэн сибээстэһэ олоробут. Быйыл сайын
        куоракка киирэ сылдьан, кыргыттарбын илдьэ киниэхэ түспүп-
        пүт. Эдьиийбит 30°С  куйааска даачаҕа тахсыбакка, биһиэхэ ас
        астаан, ыйан-кэрдэн, көмө буолбута.
           Күндү эдьиийбит Екатерина Сидоровна, сиэннэриҥ, аймах-
        тарыҥ, чугас дьонуҥ тапталларыгар угуттанан, өссө да уһуннук,
        дьоллоохтук олор!
                                           Эдьиий Маайа оҕолорун аатыттан
                                            Мария Прокопьевна Новгородова



                 ТӨҺӨЛӨӨХ ҮГҮС ҮЛЭНИ ы ы п п ы т ы н
                              СЭРЭЙЭБИН ЭРЭ


           Эдьиийбин  Катяны  мин  маҥнай  Мүрү
        орто  оскуолатыгар  үөрэнэр  кэммэр  Бо-
        роҕоҥҥо  көрөр  этим.  Уһун  курбуу  уҥуох-
        таах,  сырдык  сэбэрэлээх  кыыс  оччолорго
        оройуон  комсомолун  салайара. Комсомолга
        киириигэ  хамыыһыйа  чилиэнэ  буолааччы.
        Түүлээххэ  олорор  эрдэхпинэ  эһэтэ Уйбаан-
        наахха  убайбыныын,  аҕабыныын  олоро
        сылдьыбыппыт. Оскуола кэнниттэн үөрэххэ
        киирэн,  онтон  сотору  кэргэннэнэн,  Нам
        Партизаныгар  20-тэн  тахса  сыл  олорбутум.  Сааһыран  иһэн,
        дойдубар төннөн эрэ баран, эдьиийдэрбин кытта билсэн, Дьо-
        куускайга тиийдэрбин эрэ, кинилэргэ сылдьар буолбутум. Өрүү
        эйэҕэс-сайаҕас эдьиийдэрбин тута сөбүлээбитим. Эдьиий Роза
        сүбэтэ-амата, көмөтө, сымнаҕас сыһыана умнуллубат үтүө өй-
        дөбүл буолан дууһабар хаалбыт.
          Екатерина Сидоровна олох эдэр сааһыттан тэрийэр, салайар
        ис  кыахтаах,  ылыннарыылаах тыллаах, үлэтигэр  бэриниилээх
                                                                       73
   68   69   70   71   72   73   74   75   76   77   78