Page 11 - Ульяна Винокурова. Е. П. Жирков Сайдыы суолун солоон...
P. 11
САХА ЫЧЧАТЫН БАРҔАТА
Акулина Попова
Сахабын дэнэр буоллаххына
Сахабын дэнэр буоллаххына,
Айыы хаан аймаҕыныы
Аһыныгас сүрэхтэн,
Күн өркөн ууһунуу
Көмүскэс санаалан.
Сахабын дэнэр буоллаххына,
Айылҕалыын кэпсэтэр
Аһаҕас дууһалан,
Сиэри-туому тутуһар
Сиэрдээх майгылан.
Сахабын дэнэр буоллаххына,
Урааҥхайдыы саҥарар
Уран тылын тумнума,
Айгыр-силик айылҕаҥ
Арчылыырын умнума.
Сахабын дэнэр буоллаххына,
Олоҥхоҕо уһуйуллан,
Охтон хаалбат оҥоһуулан,
Кутуҥ-сүрүҥ баайынан
Кэхтэн барбат кэскиллэн.
Сахабын дэнэр буоллаххына,
Өркөн өйүҥ күүһүнэн
Өлбөт-сүппэт аналлан,
Сахалыы мындыр бэйэҕинэн
Самнан биэрбэт саргылан.
7

