Page 221 - Ульяна Винокурова. Е. П. Жирков Сайдыы суолун солоон...
P. 221
Төрүт сиргэ уйгуну түстээн
Эрэй-муҥ элбэҕэ,
Эгэлгэ быйаҥ дэлэйбэтэ.
Өйдүөҕүҥ
уонна
олох сокуонун —
Хайа да омук
Күүһүн-кыаҕын таһааран,
Үрдүккэ-сырдыкка талаһан,
Тэтимник сайдарын
ситиспэтэҕинэ,
Онно
Тус бэйэтин
Суолун булбатаҕына,
Суолтатын тобулбатаҕына,
Оннук омук
Үтүө сиэртэн туоруур,
Эстэр-быстар быһыыланар,
Сүтэр-симэлийэр төлкөлөнөр.
Онон
— сахалар,
биһиги
Бу билиҥҥи
кэскил тэринэр кэмҥэ,
тускул тутар түгэҥҥэ,
Сомоҕо санаабытын
таһаарыаҕыҥ,
Сайдар суолбутун
хайаан даҕаны
тобулуоҕуҥ!
209

