Page 210 - Кун кууьар хайатыттан
P. 210

Өр соҕус бадьыыстаһан дьэ ууга киллэрдэ, эрдиитин кууктатыгар укта.
                         Мин сүүрэн тиийэн оҥочоттон тутуһа түстүм.
                Тохтоо. Ытатан баран куотан эрэҕин дуу!
                                     Мин ытыыбын.
                Эн мантан барыаҥ да, барытын умнан кэбиһиэҥ, оттон
             мин соҕотох хаалан хаалыам. Togo эн миэхэ дьол туһунан ал-
             быны кэпсээбитиҥ буолла?..
                  Азиз миигин истибэккэ, хайдах баҕарар баран хаалыан себе да,
                                 тоҕо эрэ тохтоон олорбута.
                  Ол иһин мин тугу этиэхтээхпин биир тыынынан кута турбутум.
                Эн кимҥин-туоххун, хайдах киһигин билбэппин, билэ да
             сатаабаппын. Од эрээри эйиэхэ бэйэм туспунан барытын
             кэпсиим. Ким эрэ мин туспунан дьиҥнээҕин, кырдьыгын
             билиэхтээх буоллаҕа дни. Бары киксибит курдук миигин эрэ
             соҕотохтуу буруйдуугут. Оттон мин тоҕо кинини быраҕан ба-
             рар кыаҕым суоҕун ким да ыйыппат. Кини ойоҕо улахан ай-
             дааны тардыбыта. Миигин мунньахха дьүүллээбиттэрэ — хар-
             чыга, массыынаҕа ымсыыран ыалы арааран эрэр диэн. Ыт
             сиэтин, ол баайы! Миэхэ ол онтон туох да наадата суох эбээт.
             Мин куттанабын эрэ! Суос-соҕотох хааларбыттан кутганабын.
             Адьас ogo эрдэхпиттэн ыла куттанабын. Кыра сылдьан плю-
             шевай эһэ оҕото оонньуурдаах этим. Онтум ууга тимирбити-
             гэр мин ыалдьан хаалбытым. Ийэм оруобуна оннук эһэчээни
             атыылаһан биэрбитэ эрээри, мин ол саҥа оонньуурга үөрэнэн
             биэрбэтэҕим. Аҕата суох улааппытым, кини мин төрүөм ин-
             нинэ сэриигэ өлбүт үһү. Ийэм эдэр, кырасыабай дьахтар этэ.
             Ол иһин биһиэхэ наар биир киһи кэлэрэ, кэһиитин кэм-
             пиэт аҕалара, олох-дьаһах туһунан, доруобуйа, ол-бу туһунан
             кэпсэтэрэ эрээри, xapaga атыны көрдүүрэ. Мин оннугу бы-
             һааран билэ үөрэммитим уонна ол киһиттэн сиргэнэр, абаа-
             һы көрөр буолбутум. Куруубайдыыр этим, дьиэбиттэн күрээн
             хаалыам эҥин диэн куттуурум. Оттон ийэм сэллигинэн ыал-
             дьыбытыгар биһиэхэ ким да сылдьыбат буолбута. Ийэм наһаа
             ытыыр-соҥуур этэ. Онно мин соҕотох буолар куһаҕанын өй-
             дөөбүтүм, соҕотох буолар сааттааҕар-сууттааҕар бэрдэ суох
             эбит дии санаабытым... Оттон Искандер миигин хаайыыттан
             быыһаабытыгар, мин эрэллээх эркиннээх курдук санаммы-
             208
   205   206   207   208   209   210   211   212   213   214   215